Киир

Киир

Саҥа Дьыл бырааһынньыктара саҕаланнылар. Оттон МПЖХ аварийнай салаатын диспиэччэрэ, күнүстэри-түүннэри, дьон үҥсүүтүн-көрдөһүүтүн төлөпүөнүнэн истэртэн соло булбат. Төлөпүөн “оргуйан” олорор!

Диспиэччэр этэринэн, аварийнай хамаанда куруук солото суох. Куорат устун буолар сантехническэй сааххаллар элбэхтэр. Ханна эрэ ититии батарыайалара тоҕо барбыттар, ханнык эрэ дьиэлэргэ – тымныы. Дьэ бу – Мииринэй куорат.  Нус-хас, олорорго байылыат ааттаах куорат.  Бэҕэһээ, куорат хабайар хаба ортотугар турар элбэх киһи олорор тоҕус этээстээх дьиэтэ хаһыс да төгүлүн батарыайалара тымныйан, олохтоохтор эмиэ ыксыы сырыттылар. Аварийнай хамаанда балачча өр күүттэрэн баран, син кэмниэ-кэнэҕэс кэлэ, балаһыанньаны көннөрдө.

Санатан эттэххэ, былырыын ахсынньыга, Хотугулуу-Илин хочуолунайтан тахсар ититиини уонна ууну биэрии утумнарыгар туох эрэ буомуруу үөскээн, куоракка куттал үөдүйэ сылдьыбыта.

Бу күннэргэ оннук эрэ буолбатын.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар