Киир

Киир

Арассыыйа үтүөлээх эпидемиолог бырааһа Геннадий Онищенко сабаҕалаан көрөн этэринэн, туох баар бары ирдэбиллэри тутустахха уонна хамсыгы утары быһыыны маассабайдык ылан истэххэ,  коронавирус хамсыга ыам ыйыгар бүтүөн сөп.

Онищенко бэлиэтээн туран эттэ: "Ыам ыйыгар диэри өссө да бириэмэ баар. Өскөтүн билигин биһиги туох баар ирдэнэри оҥорон истэхпитинэ, хамсык бүтүөхтээх, эбэтэр биһиги хонтуруолбутугар бигэтик киириэхтээх".

Кини этэринэн, билигин, үлэлээбэт локдаун күннэрин киллэрэр төрүөт суох, тоҕо диэтэххэ, хайыы-үйэ хамсыгы утары быһыыны айдылар, туох баар болҕомтону ыарыыны утары быһыыны ыларга ууруохха наада.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар