Саха сирин Уһук Хоту тайаан сытар, саамай кэтит, чопчулуур буоллахха, 318 тыһ. кв.м. иэннээх улууһа Өлөөн, атын хоту улуустары кытта тэҥнээтэххэ, нэһилиэнньэтин ахсаанын балай эмэ тутан олорор. (2016 с нэһилиэнньэтэ 3,9 тыһ. эбит буоллаҕына, былырыыҥҥы дааннайынан 4,6 тыһ. киһи олорор). Ити -- кэлиҥҥи уонча-сүүрбэччэ сылга хоту улууска сэдэх көстүү. Олохтоохтор 80 %-нара -- эбэҥки. Биир үксүн хааччыллыылаах үөрэх тэрилтэлэрэ баар буолан, дьон олохсуйар диэххэ сөп.
Холобур, 850 нэһилиэнньэлээх Харыйалаах сэлиэнньэтин оскуола-уһуйаана быйылгыттан саҥа хайысхаҕа ылыста. Бу оскуола хайдах тэринэн үлэлии-хамсыы олороруй?
Кэпсэтиини саҕалыах иннинэ быһаардахха, маннык. 2021 с. буолбут үөрэх тэрилтэлэрин холбооһун, реорганизация долгуна Өлөөн Харыйалааҕын оскуолатын тумнубатаҕа. Х.А. Христофоров аатынан орто оскуоланы уонна "Кэнчээри" уһуйааны холбоон, биир үөрэх тэрилтэтэ оҥорбуттара. Бу сыл 120-70 миэстэлээх саҥа таас оскуола-уһуйаан үлэҕэ киирэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ үксээбитэ. Уопсайа 3,5 тыһ. иэннээх дьиэни АЛРОСА хампаанньа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэстииссийэлиир бырагыраама үптэринэн туппуттара. "Өлөөҥҥө эрэ буолбакка, Саха сирин Арктикатыгар үчүгэй хааччыллыылаах оскуола-уһуйаан тутулунна. Оҕолорбут куоракка, улуус киинигэр уонна тыа сиригэр тэҥ усулуобуйаҕа үөрэнэр кыахтаннылар, – диэн Ил Дархан этэн турар.
Христофор Павлович Васильев Х.А. Христофоров аатынан Харыйалаах орто оскуолатыгар 2023 сылтан дириэктэрдиир. Өлөөн төрүт олохтооҕо. Ону сэргэ 2021 сылтан "Сигундэр" аһымал пуонданы тэрийэн үлэлэтэр. Пуонда доруобуйаларынан хааччахтаах, олох очуругар түбэспит дьоҥҥо уонна Анал байыаннай дьайыы сулууспалаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр сыаллаах.
– Христофор Павлович, оскуолаҕыт күн бүгүн хас үөрэнээччилээҕий? Сорох оскуолаҕа, бэл, бэтэрээ эргиннэргэ үөрэх дьылыгар иккилии-үстүү эрэ оҕо киирэн соһутар буолла. Эһиги балаһыанньаҕыт хайдаҕый?
– Биһиги оскуолабыт 1954 с. тэриллибитэ. 2021 с. уларытыы түмүгүнэн уһуйааммыт оскуолаҕа холбоспута. Бүгүҥҥү туругунан оскуолабытыгар 126 үөрэнээччилээхпит, уһуйааммытыгар 72 иитиллээччи баар. Үөрэнээччи ахсаана биир кэм, кыралаан эбиллэр диэххэ сөп. Холобур, 2020 с. – 94, 2022 с. – 112, 2023 с. 114 үөрэнээччилээх этибит.
Оскуолабыт 2021 с. "Демография" национальнай бырайагынан тутуллубута. Материальнай-тэхиниичэскэй базабыт да мөлтөҕө суох, этэҥҥэ. Саҥа оскуолабыт оҕо үөрэнэригэр, сайдарыгар сөптөөх усулуобуйалаах: киэҥ-куоҥ кэбиниэттэрдээх, саахымат оонньуур анал сирдээх, бибилэтиэкэлээх, физкультура, аактабай сааллардаах.
– Хоту дойду оскуолатыгар кыһалҕа ханна барыай...
– Субу тирээн турар сытыы кыһалҕа диэн суох. Барыта орун-оннугар, наадыйарбытынан хаачыллан олоробут.

– Быйылгыттан "Мастер по изготовлению швейных изделий" диэн идэҕэ үөрэтэр буоллугут. Оскуола иһинэн маннык үөрэх хайысхата арыллара сэдэх. Туох санааттан ылыстыгыт?
– Биһиги, эбэҥкилэр, ураты омук буоларбытын ииһинэн көрдөрүөхтээхпит, өбүгэбитин кытта ситиммитин сүтэриэ суохтаахпыт. Ону таһынан маннык уустук кэмҥэ олохтоох ыччат барыта дьарыктаах буолуохтаах диэммит, кэпсэтии ыытан быйылгыттан арыйдыбыт.
Бу үөрэх билиҥҥи кэмҥэ суолтата улахан. Талааннаах дьоммут үлэлэрэ, иистэрэ-оҥоһуктара, мындырдаан айбыт туттар маллара, сүтэн-симэлийэн хаалбакка, онно эбиитин ыччаппыт үөрэнэн, сатабылларын иҥэринэн күннээҕи олохторугар туһаналларыгар олук буолуохтаах. Биир тирииттэн, тыстан саҕалаан айар-тутар дьоҕурдарын уһугуннаран, норуоттарын духуобунай баайын иҥэринэн дьоҕурдара чочуллуоҕа, сатабыл, үөрүйэх өттүнэн сайдыахтара.
– Үөрэх туһунан билиһиннэр: кимнээххэ ананарый, төһө кэм үөрэнэллэрий, бу үөрэҕи бүтэрдэхтэринэ, тугу туһаналларый?
– “Арктика” каадыры бэлэмниир киини кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, оскуолабыт иһинэн баҕалаах дьону орто анал идэҕэ үөрэтэбит. Сыалбыт – олохтоох эдэр дьону үөрэтии, төрөөбүт дойдуларын сайыннаралларыгар тирэх буолуу. Бу Кирбэй нэһилиэгэр уонна оскуолабыт устуоруйатыгар, улуус үөрэхтээһинин хайысхатыгар улахан суолталаах бэлиэ түгэн.
11-с кылаас ачыстааттаах ким баҕарар үөрэнэр кыахтаах. Үөрэх болдьоҕо – 10 ый. Үөрэҕи бүтэрдэхтэринэ, орто анал идэ дьупулуомун ылаллар. Үөрэхтээх киһи кыаҕа улаатар, ыыра кэҥиир. Ханна баҕарар үлэҕэ киириэн, бэйэ дьыалатын арыныан сөп. Күннээҕи олоххо да туһалаах буоллаҕа. Быһатын эттэххэ, дьарыктаах киһи буолар.

Балаҕан ыйыгар 10 ыччаппытыгар устудьуон билиэтин үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ туттарбыппыт. Устудьуоннарбыт этэҥҥэ үөрэнэ сылдьаллар, үөрэх дьарыктара тиһигин быспакка бара тураллар. Билигин "Основы конструирования одежды" диэн биир саамай эппиэтинэстээх, сэргэх дьарыкка үөрэнэллэр. Аны уон ыйынан идэни баһылаабыттарын туоһулуур дьупулуому тутуохтара. Бу хайысханан салгыы сайдар баҕалаах буоллахтарына, муода индустриятыгар аныгы дизайнҥа дьоһун хардыыны оҥоруохтарын сөп.
– Оскуолаҕыт иһинэн маннык үөрэх быраактыката урут баара дуу?
– Эрдэ суоҕа, бу – бастакы хардыы. Бу хайысханан эрэ муҥурданар санаабыт суох. Былаан, толкуй өссө элбэх.
– Христофор Павлович, Өлөөн – эбэҥки национальнай улууһа. Төрөөбүт тылгыт – эбэҥки тыла. Эбэҥки тылын үөрэтэргэ оскуолаҕа чаас көрүллэр дуо?
– Хомойуох иһин, эбэҥки тылын сахалыы саҥарарбыт курдук холкутук билбэппит. Оскуолаҕа омук тылын курдук нэдиэлэҕэ 1-2 чаас үөрэтэбит. Ол гынан баран оҕолорбут эбэҥки тылынан ырыа ыллыыллар, хоһоон ааҕаллар, бэл, дьыктаан суруйаллар. Араас тэрээһини эмиэ төрөөбүт тылбытынан ыыта сатыыбыт. Оҕолорбут "биһиги төрөөбүт тылбыт – эбэҥки тыла" диэн бигэтик өйдүүллэр, өйдөрүгэр-санааларыгар баар.
– "Күөнүкэлээн" диэн көс оскуолалаах этигит. Ол оскуолаҕыт балаһыанньата хайдаҕый? Сарбыллыы-холбооһун долгунугар оҕустарбата дуо?
– Көс оскуолалар дойдубутугар ааспыт үйэ 20 – 30-с сылларыгар арыллан баран, сүтэ сылдьыбыттара. Уларыта тутуу кэмигэр, 90-с сылларга, саҥалыы тыынынан хат аһыллан, үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Саха сиригэр бастакы көс оскуолалар биһиэхэ, Өлөөҥҥө, уонна Муомаҕа аһыллыбытара диэн, киэн тутта этэбит.
5-с №-дээх ыстаадаҕа Харыйалаахтааҕы орто оскуола иһинэн эбэҥки “Күөнүкэлээн” оскуолата арыллыбыта быйыл лоп курдук 35 сылын туолла. Үгүс көс оскуолалар алын кылаас оҕолорун үөрэтэр эбит буоллахтарына, биһиги 1 – 7 кылаас оҕолорун хабабыт. Табаһыттар оҕолоругар үөрэх тиһигэ быһыллыбакка тэриллэр: үөрэх дьылын бастаан "базовай" оскуолаҕа саҕалыыллар, сезон кэмигэр дьоннорун кытта ыстаадаҕа олороллор. Ирдэбил быһыытынан көс оскуолалар биирдии учууталлаахтар. Кини табаһыт дьиэ кэргэни кытта ыстаадаҕа барсар. Дьоҕус кэмпилиэктээх оскуола ньыматынан үлэлиир. 10 иһинэн үөрэнээччилээхпит (көс оскуола үөрэнээччитин ахсаана итинтэн элбээбэт). Оскуоланы таһынан өссө көс уһуйааннаахпыт. Туспа иитээччилээхтэр.
Үөрэрбит диэн, быйыл ыытыллыбыт "Бастыҥ көс оскуола" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ "Күөнүкэлээн" оскуолабыт бастакы миэстэни ылбыта. Саха сиригэр 6 көс оскуола баарыттан түөрдэ кыттыбыта. Хамыыһыйа үөрэх хаамыытын, каадырынан хааччыллыыны, этнокултуурунай эйгэни, аныгы үөрэх ньымаларын туһаныыны, төрөппүтү кытта алтыһыыны учуоттаабыта, быһатын эттэххэ, киэҥ далааһыннаах күрэх буолбута.
Биһиги, өлөөннөр, дьоммут-сэргэбит олоҕун укулаатын харыстыыр, сайыннарар туһугар көс оскуолабытын кичэллээхтик көрөн-истэн сылдьарга кыһаллабыт.
Уопсайынан, биир сиргэ тохтоон турбакка, оскуолабытын, нэһилиэк киин үөрэҕин тэрилтэтин быһыытынан сайыннарарга, үөрэх хаачыстыбатын тупсарарга, ону таһынан ыччаппытын дьарыктаах оҥорорго кыһаллабыт. Өссө үөрэх саҥа хайысхатыгар ылсар былааннаахпыт – табаһыт идэтигэр дьоммутун үөрэтиэхпит. Бастакы хардыылары оҥордубут. Ол курдук, Арктикатааҕы хотугу норуоттар колледжтарын кытта сөбүлэҥ түһэристибит. Барыта табылыннаҕына, эһиилгиттэн саҕалыахпыт.
Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбэр, Харыйалаах орто оскуолатын бары үлэһиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Инникитин да бары биир сүбэнэн дойдубут, ыччаппыт туһугар өрө таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн эрэнэбин.
Диана КЛЕПАНДИНА.


