2027 с. дойду үрдүнэн ОГЭ (9-с кылаас кэннэ эксээмэн) бэс ыйын 2-с күнүттэн саҕалаан от ыйын 5-с күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Ол туһунан Рособрнадзор иһитиннэрэр.

Тургутар үлэ бэс ыйын 2-с күнүгэр математика эксээмэниттэн саҕаланыаҕа. 5-с чыыһылаҕа информатика уонна омук тылларын эксээмэнэ буолуоҕа. 11-с чыыһылаҕа – нуучча тыла. Бэс ыйын 8-с, 16-с уонна 21-с күннэригэр – нуучча тылыттан уонна математикаттан ураты бары биридимиэттэргэ.

Оттон бэс ыйын 28-с күнүттэн от ыйын 5-с күнүгэр диэри “эрэсиэрбэ күннэрин” анаабыттар.

Кыым.ру
Хаартыска: Айгылаана/УлусМедиа

Бүтэһик сонуннар