Киир

Киир

“Ведомости” хаһыат суруйарынан, билиҥҥи Арассыыйаҕа хас 6-с үлэлии сылдьар киһи бэйэтин да, дьиэ кэргэнин да иитэр кыаҕа суох. Ол курдук, 2 мөл. киһи тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр да тиийбэт хамнаһы ылаллар. Ити сыыпара үлэлиир дьон 7 %-гар тэҥнэһэр. Бу дьон дьиэ кэргэннэрэ эмиэ оннук ыараханнык олороллорун учуоттаатахха, үлэлиир дьадаҥылар ахсааннара 12,1 мөл. тииийэр. Ол эбэтэр, дойдуга үлэлиир саастаах нэһилиэнньэ 17 %-на – дьадаҥылар.

Эспиэрдэр этэллэринэн, бу дьон дохуоттарын үрдэтэр туһугар саҥа идэни баһылыахтарын, үөрэхтэрин таһымын үрдэтиэхтэрин эбэтэр атын хамнастаах сиргэ көһөн барыахтарын наада.       

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар