Киир

Киир

Биир тоноҕос уҥуоҕа элбэх ыарыыттан быыһыыр

Былыргы гректэр мифтэринэн, Атлант – киҥкиниир киэҥ халлааны санныгар өрө сүгэн тутан турар дьоруой. Моонньубут бастакы тоноҕоһун уҥуоҕа – атлант – эмиэ улахан суолталаах: биһиги доруобуйабытын тутан сылдьар.

 

  • төбөҥ ыалдьар
  • моонньуҥ, көхсүҥ ыалдьар
  • сискинэн ыалдьар

Ити ыарыы арааһын төрдө-төбөтө атлант диэн ааттаах моонньуҥ бастакы тоноҕос уҥуоҕуттан буолуон сөп.

ГЛАВНОЕ ФОТО

Атлаҥҥа төбөбүт тирэҕирэр, онон атлант оннуттан хамсаабыт буоллаҕына, мэйии тымырдара эчэйиэхтэрин сөп. Оттон ньиэрбэҕин таарыйдаҕына, хааныҥ баттааһына уларыйа сылдьар буолар, күн-дьыл уларыйарын эндэппэккэ билэҕин, оһоҕоһуҥ үлэтэ мөлтүүр.

Атлант оннуттан хамсаатаҕына сис ыарыыта, мэйии эргийэрэ, моонньугунан хам тутара, кулгааҕыҥ куугунуура, мигрень, хондуруос – эн арахсыспат доҕотторуҥ буолаллар. Оттон сколиоз уонна нүксүччү түһүү эмиэ атланы кытта ыкса ситимнээх эбит.

Атлант хайдах ол сылдьан эрэ оннуттан хамсаан хаалыан сөбүй? Үксүгэр оҕо төрүүрүгэр моонньо уонна төбөтө ыгыллар уонна эриллэр. Ол барыта дьайан, киһи олоҕун устатыгар ыалдьан эрэйи көрүөн сөп.

Успуордунан дьарыктана сылдьан эчэйдэххэ, суол саахалыгар, улаханнык доргуйдаххына, үрдүктэн суулуннаххына эмиэ ыарыы мигреҥҥэ кубулуйан, хаары-самыыры билгэлиир буолан хааллым диэн балыйтарыаххын сөп. Ол түмүгэр сүһүөх, төбө ыарыытын аһарар анальгетиктары хааланабыт.

Соторутааҥҥа диэри атланы оннугар түһэрэр кыаллыбат дьыала курдук этэ. Ол эрээри Швейцарияҕа итини эмиэ кыайбыттар эбит. Ол ньыманы баһылаабыт быраас анал аппараатынан сис тоноҕоһун бастакы сүһүөҕүн оннугар түһэриэн, ыарыытын уҕарытыан сөп. Дьиктитэ диэн, биирдэ эрэ сылдьыахха эмиэ сөп.

фото 1jpg

Бу ньыма туох да куттала суох, көдьүүһэ улахан: аппараат дьайыыта уҥуохха буолбакка, моойу тутар быччыҥнарга буолар. Эмтэнии кэнниттэн сонно тута чэпчиигин. Оттон сотору буолаат, үйэ-саас тухары арахпатах мигрень эмиэ улам-улам сүтэн барыа. Биллэн турар, анал сэртипикээттээх, үөрэҕи ааспыт эрэ быраас эмтиир бырааптаах. Арассыыйаҕа оннук быраас аҕыйах. Санкт-Петербурдааҕы “Атлант” Мэдиссиинэ Киинин быраастара биир сырыыга эмтиэхтэрин сөп эбэтэр ыарыһаҕы кытта уһун кэмҥэ үлэлииллэр, “Атлант” бырагырааманан сыныйан эмтииллэр. Мэдиссиинэ Киинэ дойдуга киэҥник тарҕанан эрэр. Саастарыттан тутулуга суох, бүтүн дьиэ кэргэнинэн кытта көрдөрүнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, атлант сааһыттан тутулуга суох оннуттан хамсаабыт буолуон сөп – оҕолорго эмиэ. Биһиги бырагыраамабыт төһө баҕарар саастаах киһиэхэ сөптөөх. Алтынньы 16-24 күннэригэр Дьокуускайга үрдүк категориялаах быраас Сергей Иванов көрөр.

Сергей Иванов 1

Алтынньы 16-24 күннэригэр Дьокуускай үрдүк категориялаах бырааһа Сергей Иванов көрөр.

Суруйтарар төлөпүөҥҥүт:

8 800 707 44 15

8 (4112) 24 12 88

Саайт: https://massage.bodion.ru/yakutsk

ООО «Медицинский центр «Атлант», лицензия ЛО-78-01-006522 от 01.02.2016г. Серия ЛО-1 №004752

Эмтэнии сөп түбэспэт буолуон сөп. Испэсэлиистиин консультациялаһаргыт булгуччулаах.

 

Реклама.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар