Киир

Киир

Талааннаах олоҥхоһут, саха тылын уонна фольклорун эндэппэккэ билэр, Э.К.Пекарскай тылдьытын оҥорууга сүҥкэн кылааттаах Мария Андросова-Ионова Таатта Чөркөөҕөр олорбут дьиэтин норуот дьокутаата Михаил Гуляев тус харчытыгар сөргүтүөҕэ. Бу историческай суолталаах дьиэни “Сохраним памятники” бырайыак чэрчитинэн чөлүгэр түһэриэхтэрэ.

Дьокутаат Гуляев тус бэйэтин харчытыгар бу култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөнү ыытыаҕа.

“Мария Ионова-Андросова олорбут дьиэтэ Саха сиригэр нуучча олохсуйбутун кэннэ киэҥник тарҕаммыт саха сайыҥҥы дьиэтинэн буолар. Дьиэ архитектуратын саха уустара нуучча дьиэтигэр сөп түбэһиннэрэн тупуттар”, — диэн Ил Түмэн саайтыгар суруллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар