Киир

Киир

Бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэт мунньаҕа буолан ааста.

Онно Нерюнгри оройуонугар баар Нагорнай бөһүөлэги сабар туһунан боппуруоһу көрдүлэр. Быйыл муус устарга Нерюнгри оройуоннааҕы дьокутааттарын Сэбиэтэ Нагорнай бөһүөлэккэ ким да олорботунан сибээстээн, административнай территория буолан бүтэрин, бөһүөлэги сабар туһунан быһаарыныыны ылыммыттара. Ону бүгүн сис кэмитиэт өйөөтө уонна парламент истиилэригэр киллэрэн дьокутааттарынан бигэргэтэргэ быһаарыыны ылынна.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар