Киир

Киир

Бу сарсыарда 7 ч. 5 мүн. “Якутия” авиахампаанньа Зырянкаттан Дьокуускайга көтөн кэлбит АН-24 сөмөлүөтэ көтөр балаһаттан таҕыста.

 

Төрүөтэ – сөмөлүөт уруула истибэт буолбут. Сөмөлүөккэ 7 пассажир уонна 3 экипаж чилиэнэ баара. Дьолго ким да эмсэҕэлээбэтэ.

Аэропорт пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, саахалламмыт сөмөлүөтү аэропорт сулууспата уонна авиахампаанньа авиационнай-тэхэньиичэскэй базатын биригээдэтэ эвакуациялаабыт, сарсыарда 9 ч. түмүгүнэн аэропорт штатнай эрэсиимҥэ үлэтин сөргүттэ.

Бу авиационнай быһылаантан сылтаан 6 эриэйсэ тохтотуллубута, ол иһигэр Дьокуускай-Москуба-Сочи көтүөхтээх “Якутия” эриэйсэтэ уонна 5 олохтоох маршрут тохтотуллубут. “Аэрофлот” Шереметьевоттан Дьокуускайга көтөн испит сөмөлүөтэ Мииринэй аэропордугар утаарыллыбыт.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар