Киир

Киир

11 мөл 400 тыһ солк суумалаах 14 УАЗ массыына федеральнай бүддьүөттэн ылылынна. Бу туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Массыыналары Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Жиганскай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Сунтаар, Чурапчы, Бүлүү, Хаҥалас улуустара, мэдиссиинэ уонна социальнай өҥөлөрү оҥорор 14 мобильнай биригээдэни тэрийэргэ ылыахтара диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Мобильнай биригээдэлэри тэрийии биир сүрүн сыалынан, тыа сиригэр олорор кырдьаҕас уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону балыыһаларга таһыы буолар.

News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар