Киир

Киир

2017 сыллаахха Саха сирин нэһилиэнньэтин  ахсаанынан дойду үрдүнэн ахсыс, оттон Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы миэстэҕэ сылдьыбыта.

Ол эрэн 2015 сылтан оҕо төрөөһүнүн ахсаана түспүт.  2014 сыллаахха төрөөһүн коэффициенэ 1000 нэһилиэнньэҕэ 17,8 тэҥнэспит. Оттон 2018 сылга баара-суоҕа 13,7 буолбут.

Биэс сыл иһигэр оҕо төрөөһүнэ 23% түспүт. Ордук бастакы уонна иккис оҕо төрөөһүнэ аҕыйах. Элбэх оҕолоохторго оҥоһуллар араас көмөлөр күүстэринэн үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөһүнэ бигэ.

Быйыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри Саха сиригэр 5159 оҕо төрөөбүт. Бу ааспыт сылтан 5% кыра. Уһук Илиҥҥи  федеральнай уокурук субъектарын ортотугар Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаанынан бастакы миэстэҕэ сылдьар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар