Киир

Киир

Кулун тутар 19 күнүгэр СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр бу дьылга СӨ Арктика Күннэригэр анаан үлэ дьаарбаҥкаларын тэрийэргэ видеонан селекторнай сүбэ мунньах ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ доруобуйа харыстабылын, үөрэх министиэристибэлэриттэн, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииниттэн, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ уонна куорат орто анал үөрэҕин тэрилтэлэриттэн устудьуоннар кытыннылар.  

СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ Арктикаҕа уонна хотугу улуустарга анал үөрэхтээх быраастар уонна учууталлар ордук сытыытык тиийбэттэр. Бу дьыл кулун тутар 12 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 9215 үлэ миэстэтэ баар эбит буоллаҕына, хоту улуустарга 178 учуутал уонна 151 быраас миэстэтэ баар.

moskvitin2

Хоту улуустарга үлэ миэстэтинэн уонна олорор дьиэнэн-уотунан хааччыйар бэлэмнээҕин туһунан 13 үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын салалталара биллэрдилэр.

Кистэл буолбатах, ардыгар 38 быраас үлэтин миэстэтэ аһаҕас хаалан хаалар. Үлэһиттэр бэлиэтииллэринэн, саҥа үлэлии кэлбит дьоҥҥо олорор дьиэнэн, ыйга 126 тыһ.солк. тиийэ үрдүк хамнаһынан хааччыйарга бэлэмнэр эбит.

moskvitin

“Маннык таһымнаах дьаарбаҥка быдан түмүктээх буолар. Үгүс устудьуон үөрэхтэрин бүтэрэн баран хоту улуустарга үлэлии барыахтарын баҕарбаттара кистэл буолбатах. Бүгүн үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар устудьуоннар тэрилтэ салайааччыларын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр, сорохтор тута үлэҕэ киирэргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Ол иһин үлэ дьаарбаҥкатын кэмиттэн-кэмигэр тэрийиэххэ наада. Ол курдук, муус устарга Арктика уонна хотугу улуустарга баар нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрэ Интернет нөҥүө үлэ көрдөөччүлэри кытта кэпсэтиэхтэрэ”, – диэн Степан Москвитин эттэ.

  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар