Киир

Киир

Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан Арассыыйаҕа Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, Саха сиригэр Патриотизм, Ньурба улууһугар Үөрэҕирии сыла биллэриллибитэ. “Кыайыы Чорооно” аахсыйа Октябрьскай нэһилиэгиттэн саҕаланна.

“Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр Ньурба оройуонун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванович Евсеев, “Октябрьскай нэһилиэк” МТ баһылыга Семен Александрович Корякин, Ньурба оройуон бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Прокопьевна Олесова, нэһилиэк аҕам саастаах дьоно муһуннулар.

Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Семен Корякин Октябрьскай нэһилиэккэ биир сэрии дьоруойа, 240 буойуннар уоттаах сэриигэ кыттыыны ылбыттарын, бүгүҥҥү күҥҥэ 19 тыыл бэтэрээнэ, 66 сэрии сылын оҕолоро баалларын иһитиннэрдэ. Быйыл нэһилиэккэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.Н.Чусовской 120, Октябрьскай нэһилиэк төрүттэммитэ 185 сылыгар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытыллалларын туһунан билиһиннэрдэ. Олохтоох түмэл салайааччыта Захарова Прасковья Михайловна нэһилиэк тумус туттар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Николаевич Чусовскойга анаан бэлэмнээбит презентациятын сырдатта.

Оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев “Кыайыы Чорооно” Николай Николаевич Чусовской төрөөбүт нэһилиэгиттэн саҕаланарыттан үөрэрин, киэн туттарын туһунан эттэ. Кыайыыны уһансыбыт Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт, Ийэ дойдуларын көмүскээн хорсуннук сэриилэспит буойуннары чиэстээһин нэһилиэктэринэн саҕаламмытын туһунан кэпсээтэ. Ыам ыйыгар “Кыайыы Чорооно” Ньурбатааҕы түмэлгэ туруохтааҕын туһунан этэн туран, нэһилиэк баһылыгар Семен Корякиҥҥа Кыайыы Чороонун үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Кыайыы Чороонун Ньурба олохтооҕо, мас, тимир ууһа Евгений Ионович Иванов 1941-1945 сыллардааҕы дьон олоҕун көрдөрөр ис хоһоонноох, Кыайыы 75 диэн суруктаан-бичиктээн, оһуордаан-мандардаан оҥорбут. Кини Улуу Кыайыы 60 сылыгар оҥорбут чорооно Москуба куоратынан эргийэн билигин Дьокуускай куорат түмэлигэр турар.

Антонина Семенова, ulus.media/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар