Киир

Киир

“Саха тыла”, “Төрөөбүт литература” биридимиэттэригэр 5-9-с кылаастарга дьиэттэн олорон үөрэнэргэ учуобуньуктары босхо туһанарга кыаҕы биэрдэ. Бу туһунан СӨ Үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

“Оскуолалар РФ Үөрэххэ министиэристибэтэ мэктиэлээбит платоформаларын күүскэ туһаналлар. Түргэн интэриниэттээх, көмпүүтэрдээх, уот барбат сирдэригэр дистанционнай үөрэхтээһини ыытарга эрэгийиэннээҕи министиэристибэ 5 моделлаах механизмы оҥорон үөрэх кыһаларыгар ыыталаата”, - диэн министиэристибэ биллэрэр. Электроннай учебник көмөтүнэн үөрэх бырагырааматын дьиэттэн олорон баһылыырга кыах бэриллэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар