Киир

Киир

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр гаас ситим тардыы үлэтэ саҕаланна. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, 17 тыһ тахса миэтэрэ уһуннаах гаас турбата тардыллара былааннанар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.

Бүтэһик сылларга нэһилиэктэри гаастааһыҥҥа улахан үлэ ыыталлар. Уопсайа 23 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киирдэ. Быйыл Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин 416 ыала гааска холбонуохтара”, – диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Буолар. Бу бырайыак “2020-2025 сылларга тыа сирин сайыннарыы” бырагыраамманан олоххо киирэр. Бырагыраамма тыа сирин олоҕун усулуобуйатын тупсарыыга туһуланар. Быйылгыттан бу бырагыраамманан Чурапчы нэһилиэгин гаастааһын үлэтэ ыытыллар.

ysia.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар