Муус устар 15-30 күннэригэр улуустарга таксыылар, оптуобустар сырыылара бобулунна. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын суһал штаба иһитиннэрэр.
Оптуорунньукка Ил Дархан Айсен Николаев тустаах ыйаахха илии баттаата.
“Муус устар 15-30 күннэригэр федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна олохтоох суолларынан дьону таһар таксыылар (кыра массыыналар уонна М1, М2 оптуобустар) сырыылара бобуллар”, – диэн ыйаахха суруллар.