Киир

Киир

Орто Халыма Налимскайыгар кэтэх фермаҕа баһаар туран, 64 сүөһүнү быыһаатылар. Бу туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа пресс-киинэ иһитиннэрэр.

“Баһаарынайдар уонна ферма үлэһиттэрин көмөлөрүнэн баһаары умуллардылар, 64 ынах сүөһү быыһанна”, - диэн суруйаллар.

Маны таһынан, быыһааччылар Үөһээ Бүлүү сэл. тимир күрүөҕэ кыбыллыбыт кулунчугу анал үнүстүрүмүөнүнэн быыһаан ылан бэтэринээрдэргэ тиксэрбиттэр диэн эбэн суруйаллар.

Санааҕын суруй