Киир

Киир

Быйыл Томмот-Аллараа Бэстээх хайысханнан 65 км усталаах тимир суол учаастагын өрөмүөннүөхтэрэ. Онуоха 80 тыс. куб.м. хайыр таас (щебень) наада буолуоҕа.

“2020 сылга Томмот-Аллараа Бэстээх учаастагар 65 км усталаах тимир суолу өрөмүөннүөхтээхпит. Оччоҕо пуойас 60 км/ч түргэннээхтик айанныыр буолуоҕа. Билигин сир кырыһыттан көрөн пуойас 40-50 км/ч түргэннээхтик айанныыр. Маны таһынан Алдан ыстаансйыатыгар нормативка сөп түбэһиннэрэн пуойас кэлэр-барар сирин кэҥэтэбит. Бу сайын устата Беркакит-Томмот-Аллараа Бэстээх хайысханнан 8 тыһ. эргэрбит шпаллары (тимир суол ыллыгын сыттыга) уларытыахпыт. Биһиэхэ кумахтаах буолан шпал түргэнник элэйэр”, - диэн хампаанньа иһитиннэрэр.

Санааҕын суруй