Киир

Киир

«АЛРОСА» Эмтиир Киинин(Медцентр), Мииринэйдээҕи оройуоннай балыыһа(МЦРБ) уонна Роспотребнадзор салаатын кэнники чахчыларынан, улууска санитарнай-эпидемиологическэй балаһыанньа син-биир уустук.

Атырдьах ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, Мииринэй инфекционнай балыыһатыгар ковиднай госпиталь реанимациятыгар икки киһи ыарахан туруктаах сытар.Биирдэстэрин туруга мөлтөөбүтүгэр суһаллык ИВЛ аппараатыгар холбоотулар.

Ковиднай госпитальга – 23, провизорскай салааҕа – 38 ыарыһах баар.

78 киһи - инфекционнай балыыһа кэтээн көрүүтүгэр амбулаторнай эмтэниигэ сылдьаллар (икки нэдиэлэ аннараа өттүгэр – 110 киһи буола сылдьыбыта).Хомойуох иһин, ааспыт нэдиэлэҕэ провизорскай отделениеҕа сыппыт ыарыһах өллө.

Аны, балаһыанньа Удачнай уонна Айхал диэки күн-түүн уустугурар. Быһаас ол диэки, хоруона хамсыга букатын суох этэ.Оттон сайын ортотуттан ыла 38 хоруона хамсыга ыарыылаах быһаарылынна.Хоруона хамсыгын дьаҥа саҕаланыаҕыттан, уопсайа Мииринэй оройуонугар 508 киһи ыалдьыбыта, лабораторнай-иммунологическай ньыманан бигэргэтилиннэ. Бу – элбэх!

Балартан балачча киһи үтүөрдэ. Соҕурууттан уоппускаҕа сылдьан баран эргиллибит дьон ахсаана элбэх. Кинилэр хоруона хамсыгын аҕалыахтарын сөп.Атырдьах ыйын онус чыыһылаларыттан ылата туох баар кафелар, эрэстэрээннэр, остолобуойдар, спортивнай стадионнар, тренажернай саалалар үлэлии олороллор. Балар арыллыбыттарын тус бэйэм тиэтэллээҕинэн аахтым.

Тоҕо диэтэххэ, дьон бэрээдэги ончу дьаалайбат. Пааркаҕа, болуоссаттарга, искибиэрдэргэ – киһи толору. “Самоизоляция”, “Сидим дома” диэн ыҥырыылар халтай буолан таҕыстылар. Дьон таһырдьа мааската, харыстанар маарылата суох сылдьаллар. Маҕаһыыннарга мааската суох тоҕо анньан киирэллэр. Социальнай дистанцияны билиммэттэр. Антисептигынан туһамматтар.

Мииринэй оройуонугар хоруона хамсыгын утары дьаһаллар лаппа сымнаабыттарын, быраабыланы кэһии түмүгэр, ыарыһах ахсаана үксүү турар кутталлаах.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората. МЦРБ саайтыттан хаартыска.

Сэҥээриилэр

Dominic
0 Dominic 12.12.2021 09:42
hey there and thank you for your info – I've definitely picked up
anything new from right here. I did however expertise some technical points using this
web site, as I experienced to reload the site lots of
times previous to I could get it to load correctly. I had been wondering
if your hosting is OK? Not that I am complaining, but slow loading
instances times will sometimes affect your placement in google and can damage your
quality score if advertising and marketing with Adwords. Anyway I'm adding this RSS
to my email and can look out for a lot more of your respective
exciting content. Ensure that you update this again very soon.

my web site: cialis prices: https://cialiswwshop.com/
Ответить
Lakeisha
0 Lakeisha 22.08.2022 12:45
I was recommended this blog by my cousin. I am not sure whether this post is written by him as nobody else know such detailed about my difficulty.
You're incredible! Thanks!

my blog: buy cialis online with a prescription: https://buycialikonline.com/
Ответить

Санааҕын суруй