Киир

Киир

“Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак иитинэн, “Гражданнары хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” хос бырагыраама чэрчитинэн Бүлүү куоратыгар, Кыһыл Сыырга уонна Халбаакыга 20 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуохтара.

Бу хос бырагыраама 2025 сылга диэри үлэлиир. Быйыл Бүлүү улууһугар үөһэ ыйыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга 20 дьиэ тутуллуоҕа, уопсай иэнэ – 4729 кв. м., 101 кыбартыыралаах. Саҥа кыбартыыралары 2021 сылга тутан киллэриэхтэрэ. Онуоха 429 356 267 солк. көрүллүбүт. Билиҥҥитэ сир учаастагар аукцион ыытыллар, бырайыактыыр-симиэтэ докумуона таҥыллар, ол кэннэ эспэртиисэни аһардыахтара.

Санааҕын суруй