Киир

Киир

Мэҥэ Хаҥаласка “Хорообут-Сыымах” учаастагар 22 км усталаах түргэн күүрүүлээх оптоволокно интэриниэт лииньийэтин тардан бүтэрдилэр.

Бу ВОЛС көмөтүнэн интэриниэт тэтимэ сөкүүндэҕэ 1 Гб буолуоҕа. Сотору кэминэн Баатара нэһилиэгэр түргэн күүрүүлээх интэриниэти холбообутунан барыахтара. Бастатан туран нэһилиэк социальнай эбийиэктэрэ холбонуохтара. Сыымах сэлиэнньэтэ Майаттан 60, Хорообуттан 20 км тэйиччи турар, онно 2018 сыллааҕы дааннайынан, 438 киһи олорор. Нэһилиэккэ кулууп, ситэтэ суох орто оскуола, маҕаһыын, ФАП уонна сылгы собуота баар.

Санааҕын суруй