Киир

Киир

Бу күннэргэ Саха сирин борокуратуурата ааспыт уон ыйдааҕы чахчылары билиһиннэрдэ.

“Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор буруйу оҥоруулара 29,3 бырыһыанын түспүт (былырыын баччаҕа 369 буоллаҕына, быйыл баччаҕа – 261). Оттон дьахтар буруйу оҥоруута 10 бырыһыанынан элбээбит (2019 – 1085 буруй, 2020 – 1193 буруй)”, -- диэн борокуратуура суруйар.

Итини таһынан уопсастыбаннай сиргэ буруйу оҥоруу 19 бырыһыанынан, уулуссаҕа буруйу оҥоруу – 13,1 бырыһыанынан аҕыйаабыт.

“Саха өрөспүүбүлүкэтигэр барыта 10 426 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Ол былырыын баччаттан 0,7 %-нан аҕыйах. Буруйу оҥоруу Томпоҕо (32,1 %-нан), Уус Майдаҕа (26,9 %-нан) уонна Саха сирин 17 атын улууһугар аҕыйаабыт”, - диэн эмиэ иһитиннэриигэ этиллэр.

Санааҕын суруй