Киир

Киир

“АЛРОСА” АХ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3-с №-дээх клиническэй балыыһаҕа икки ыйга буор-босхо амбулаторнай ыарыһахтары кытары үлэһэргэ диэн «Landcruiser» уонна «Toyota Camry» массыыналары уларсык биэрбит.

Хамсыгынан сибээстээн быраастары дьиэҕэ ыҥырыы биллэ улааппыт, онуоха балыыһа массыыната тииһэн үлэлээбэт кыаҕыгар киирбит. Маны таһынан, балыыһа салалтата атын дьарҕа ыарыылаахтарга быраастары дьиэҕэ көрүүгэ ыытарга быһаарыммыт. Онон, билиҥҥи ыарыхан кэмҥэ маннык көмө хаһааҥҥытааҕар да наадалаах буолан турар. Хампаанньа балаһыанньаны учуоттаан туран, босхо уларсыы болдьоҕун уһатан биэрэргэ бэлэмин биллэрбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар