Киир

Киир

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков хаарбах дьиэ иһин кэмпэнсээссийэни ылыы бэрээдэгин туһунан сиһилии быһааран биэрдэ.

Билигин хаарбах дьиэттэн көһөрүү саҥа бэрээдэгинэн ыытыллар буолбут. Ол курдук, 2019 сыл бүтүүтүгэр Олорор дьиэ кодексыгар хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бэрээдэгин уларытар туһунан уларыйыылар киирбиттэр. Бу иннинэ хаарбах дьиэ хаһаайыттара көтүрүллэр дьиэ иһин кэмпэнсээссийэ икки көрүҥүттэн талар этилэр. Муниципалитет кинилэргэ хаарбах дьиэ оннугар саҥа дьиэни биэрэрэ. Оттон билигин, саҥа быраабыла быһыытынан, хаарбах туруктаах кыбартыыра сорох хаһаайыттара итинник талыыттан маталларыгар тиийэллэр.

Ол курдук, кыбартыыра эргэрбит, хаарбах туруктааҕынан официальнайдык билиниллибитин кэннэ атыыласпыт дьоҥҥо саҥа дьиэ оннутугар кэмпэнсээссийэни эрэ биэрэр буолбуттар. Ол эбэтэр, кинилэр дьаһалтаттан саҥа кыбартыыраны хайдах да ылар кыахтара суох.

Кирилл Бычков быһаарбытынан, маннык быраабыла “перекупщиктартан” (ол эбэтэр хаарбах дьиэни анаан чэпчэки сыанаҕа атыылаһан баран туһанар, саҥа дьиэҕэ тиксэ сатыыр дьонтон) көмүскэнэн ылыммыттар. “Итинник дьонтон сылтаан нэһилиэстибэннэн тиксибит эбэтэр суос-соҕотох дьиэлээх дьоннор эрэйдэнэллэр. Ол иһин биһиги федеральнай кииҥҥэ маннык туһана сатыыр дьону таһааран кэбиһэр курдук этиини ыыппыппыт”, - диэн вице-премьер быһаарда.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар