Киир

Киир

Саха сиригэр коронавирустаабыт ыарыһахтары эмтиир куойка 43% туолан турар. Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев хоруона хамсыгын бохсор селекторнай мунньах кэмигэр эттэ.

Оттон Дьокуускайга маннык куойка 34% туолан турар. Айсен Николаев улуус баһылыктарыгар Саха сиригэр хамсык блаһыанньата арыый тупсубутун эттэ, ол эрээри кэккэ улуустарга ыарыһах ахсаана син биир улааппытын тоһоҕолоото. Маныаха ыарахан туруктаах ыарыһах ахсаана аччаабыта үөрдэр. Ордук хаахтыйбыт балаһыанньалаах Мииринэй, Бүлүү, Нерюнгри улуустарыгар хамсыгы бохсор штаб үлэтэ үчүгэй буолан, балаһынньаны хонтуруолга ылбыттар.  Айсен Николаев уоппускаттан кэлбит үлэһиттэри дьиэттэн олордон үлэлэтэргэ ыҥырда, итиэннэ мааска эрэсиимин, социальнай дистанцияны булгу тутуһалларын хонтуруоллуулларыгар сорудахтаата, итиэннэ ОРВИ, тумуу сибикилээх оҕолору үөрэх тэрилтэлэригэр киллэрбэттэригэр эттэ. Маны таһынан, ураты болҕомтону социальнай тэрилтэлэргэ уурарга сорудахтаата. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар