Киир

Киир

Ытыктабыллаах Кэбээйи нэһилиэгин олохтоохторо!

Бөлүүн, ол эбэтэр муус устар 19 күнүгэр, Кэбээйигэ барар гаас ситимин тиэхиньикэ үлэлии сылдьан таарыйда. Ол түмүгэр, гаас таска тахсан, ситим иһигэр баар гаас баттааһына аччаата. Түүн 23 чааска куораттан уонна гаас ситимигэр үлэлии сылдьар Суһал бөлөх айаҥҥа туран, сарсыарда саахал буолбут сиригэр тиийдилэр. Кэбээйи нэһилиэгэр гаас тохтооботун бигэргэттилэр. Кылгас кэминэн гаас ситимин чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Онон долгуймаҥ, айманымаҥ, гаас Кэбээйигэ арахсыбат!

Эбэн эттэххэ, билигин Кэбээйигэ барар үлэлии турар гаас ситимэ 1975 сыллаах буолан, эргэрэн, бү күннэргэ иккис гаас ситимин тутуутун үлэтэ бара турар. Ол үлэни Сахатранснефтегаз барытын бэйэтин үбүнэн уйунан, тутууну быйыл саҕалаата.

Кэбээйилэр, тулуурдаах буолуҥ, араас сурахтарга итэҕэйимэҥ!

Ытыктабылы кытта,

САХАТРАНСНЕФТЕГАЗ АО пресс-сулууспата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар