Киир

Киир

Дьокуускайга сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии көхтөөхтүк ыытыллар. Ол курдук, нэһилиэнньэлээх пууннарга биэрэги бөҕөргөтөллөр.

МКУ “Главстрой” тэрилтэ биллэрэринэн, билигин Хатаска биэрэги бөҕөргөтүү түмүктэммит. Салгыы халаантан харыстанар үлэ Эргэ Табаҕаҕа уонна Пригороднайга ыытыллар, бу күннэргэ силигин ситиэхтээх.

Хатас бөһүөлэгэр биэрэк лииньийэтин бөҕөргөтөргө уопсайа 3,9 мөл. солк. көрүллүбүт. Бэдэрээтчит “Сахаспецстрой” ХЭТ тэрилтэ.

Онтон Пригороднайга биэрэги бөҕөргөтүүгэ 13,9 мөл. солк. тыырыллыбыт. Бүгүҥҥү туругунан үлэ 85-на бырыһыана бүппүт. Үлэҕэ уопсайа 9 анал тиэхиньикэ баар, ол иһигэр 2 самасыбаал, «Komatsu pc300» экскаватор, погрузчик, биэс 50 туонналаах тонар-самасыбаал.

Эргэ Табаҕаҕа уопсайа 7,1 мөл. солк көрүллүбүт, билигин үлэ 93% силигин ситэн турар. Үлэҕэ уопсайа 8 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Бэдэрээтчит ХЭТ “Титан” тэрилтэ.

Онон нэһилиэнньэлээх пууннарга барыларыгар халаантан харыстанар үлэ тиһигин быспакка ыытылла турар диэн бэлиэтээн этиэххэ наада.

Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспата халааҥҥа бэлэмнэнии былаанын бигэргэппитэ. Холобур, дьон олорор уонна хаһаайыстыбаларын кылгас кэмҥэ тутар территориялара бигэргэннэ. Нэһилиэнньэ пууннарыгар уопсайа кылгас кэмҥэ тохтоон олохсуйар 11 эбийиэк билиннэ. Уу ылар кутталлаах нэһилиэктэрин: Табаҕаны, Хатаһы, Пригороднайы уонна Тулагы Киллэми эбии матырыйаалынан хааччыйыы бара турар.

Сэҥээриилэр

Careysaino
0 Careysaino 30.06.2022 18:05
Воспользуйтесь доставкой закиси азота в москве. Быстаря доставка в любой район города.
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар