Киир

Киир

Арассыыйатааҕы Үс өрүттээх хамыыһыйа 2022 сыллаах ПФР сүрүн бүддьүөтүн ис хоһоонун уонна 2023-2024 сылларга болдьоммут былааны көрдө. Докумуоннарга этиллэринэн, 2021 сылга орто кээмэй страховой биэнсийэ үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ 20 тыһ. тахса буолуоҕа.

“Российская газета” иһитиннэрэринэн, хас сыл ахсын тохсунньу 1 күнүгэр индексация оҥоһуллуоҕа. Сылга орто кээмэйдээх биэнсийэ салгыы бу курдук улаатан иһиэҕэ: 2022 сылга – 18 447 солк, 2023 сылга – 19 399 солк, 2024 сылга – 20 388 солк.

Сабаҕалааһын быһыытынан, Арассыыйа Федерациятыгар 2022 сылга страховой биэнсийэни 39,57 мөл. киһи ылар буолуоҕа, 2023 сылга – 38,93 мөл. киһи, 2024 сылга – 38,86 киһи.

Социальнай биэнсийэ 2024 сыл саҥатыгар 11 744 солк. кэриҥэ буолуохтаахтар.

Ону таһынан бэлиэтэнэринэн, ПФР бүддьүөтэ ылыныллыан иннинэ бырабыытылыстыбаҕа сөбүлэҥин уонн Судаарыстыбыннай дуумаҕа бигэргэтиитин ааһыахтаах.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар