Киир

Киир

"Кислород Якутии" хампаанньа Саха сирин балыыһаларыгар мэдиссиинэ кислородун оҥорууну саҕалаата.

Өссө биир тэрилтэ — "Сахаагроплем" сөбүлэҥ ыларга үлэлэһэ сылдьар. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ кислороду Хабаровскай кыраайтан тиэйэллэр этэ. Хамсык мунньаҕар Айсен Николаев Андрей Тарасенкоҕа миэстэтигэр кислороду оҥорорго хааччыйалларыгар сорудахтаан остуолу охсон турардаах.

"Кислород Якутии" ХЭУо Нерюнгри куоракка баар. Кинилэр ааспыт нэдиэлэҕэ номнуо 8 т. кислороду Дьокуускайга аҕалыбттар. Оттон "Сахаагроплем" РФ Минпромторгуттан Росздравнадзор АИС бэлиэтэтээри сайаапканы түһэрбит. Билигин өрөспүүбүлүкэ бары балыыһаларын кислородунан хааччыйарга Хабаровскайтан сакаастыы олороллор. Көлө министиэристибэтэ тиэллэн кэлэр убаҕас мэдиссиинэ кислородун арыаллыырга үлэлиир. Маны таһынан, Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар мэдиссиинэ кислороднай ыстаансыйаларын атыылаһыахтара.

Санааҕын суруй