Ол туһунан бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, киэһэ 18 ч. социальнай ситимнэр устун быһа эпиир кэмигэр Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Ил Дархан эттэ: "Үлэлээбэт күннэри уһатыы буолбат. Хамсыгы утары быһыыны ылыы икки төгүл улаатта".
Сэтинньи 8 күнүттэн туох баар бары оскуолалар, оҕо уһуйааннара күнүскү үлэ эрэсиимигэр төннүөхтэрэ. Оттон ХИФУ үлэтэ - ыраахтан үөрэнии эрэсиимигэр хаалыаҕа.
Кэккэ тэрилтэлэргэ 72 чаастан кырата-уһуна суох ПЦР анаалыс көрдөрүүлээх, эбэтэр QR куодтаах эрэ киирэр көҥүллэниэҕэ.
Ковид балыыһаларыгар 24% куойка иллэҥин үрдүнэн, балаһыанньа сол да ыарахан, 163 киһи реанимацияҕа сытар, 43 дьон ИВЛ аппаратыгар холбоннулар.