Киир

Киир

Бэҕэһээҥҥиттэн 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тиэхэньикэ айана көҥүллэннэ.

Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол Хатас бөһүөлэгиттэн Аллара Бэстээххэ диэри уурулунна, бу туһунан “Мехдорстрой” ХЭТ инженерэ Станислав Евсеев иһитиннэрэр.

“Суол уопсай устата 13 биэрэстэ. Эрдэ үс сыллаах дуогабарга олоҕуран бу туоруур кыһыҥҥы суолбут “Хатас-Павловск” диэн ааттанар этэ. Оттон былырыыҥҥаттан саҕалаан Хатас сэлиэнньэтиттэн Аллара Бэстээххэ дылы диэн ааттанар”, - диэн Евсеев чуолкайдыыр.

Кини этиитинэн кыһыҥҥы суол үлэтэ барыта түмүктэннэ, уруккуттун курдук тиэхэньикэ аасыһар суол икки аҥы арахсыаҕа. Муус билиҥҥи туругунан 40 см. халыҥнаах.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар