Киир

Киир

Аныгыскы сылга, «Колыма» федеральнай массыына суолугар, Аллараа Бэстээх-Чурапчы учаастага толору аспаалынан бүрүллүүтэ түмүктэниэ. Бу туһунан «Вилюй» Упрдор начаалынньыга Николай Андреев иһитиннэрэр. «Биһиги «Колыма» федеральнай массыына суолугар, аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри суолу оҥоро сылдьабыт. Бу сылга Чурапчы улууһун Мугудай сэлиэнньэтин учаастагын аспааллаан бүтэрдибит. Бүгүҥҥү туругунан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгиттэн Мугудайга диэри, быһа холоон 50 км. уһуннаах суолу кэлэр сылга бүтэриэхтээхпит. Төһө даҕаны халлаан туруга тымныйдар, хас да сиринэн сир бүрүөһүнүн оҥорууга үлэ ыытылла турар», - диэн Николай Андреев кэпсиир. Кини бэлиэтээбитинэн, Аллараа Бэстээх-Чурапчы учаастагын 2022 сыл алтынньы 31 күнүгэр диэри бүтэрэн туттарыахтаахтар, ол эрээри, салаа тэрилтэлэр арыый эрдэ, балаҕан ыйын бүтэһигэр үлэлэрин түмүктүүр былааннаахтар. Кэлэр сылга, уопсайа 137 км усталаах 39 эбийиэккэ уонна 1173,190 п. миэтэрэ кэриҥнээх ускуустубаннай тутууларга үлэ бөҕөтө былааннанар. Бу иһигэр Бүлүү суолугар - 60,192 км, «Колыма» тыраассаҕа - 77,304 км.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар