Толору дьоллоох киһибин диэн астынара
- Олоҕун сыллара: 12.05.1931 - 10.03.2023
- Подробности
Олоҥхо дойдута Сунтаар сирин бүтүн Саха сиригэр, Саха сирин Арассыыйа киэҥ дуолугар, аан дойду таһымыгар дорҕоонноохтук ааттаппыт саха фольклорун этигэр-хааныгар иҥэриммит күндү киһибит, күн күбэй ийэбит, элэккэй эбэбит, хос эбэбит, ытыктыыр эдьиийбит Егорова Мария Ивановна-Тойуктаах Маарыйа Саха Өрөспүүбүлүкэтин эргиэнин туйгуна, тыыл бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар, Дьаархан нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэлээх, үрдүк категориялаах уһуйааччы, тойуксут, алгысчыт, Дархан оһуокайдьыт, олоҥхоһут 92 сааһыгар 2023 сыл кулун тутар 10 күнүгэр Орто дойду олоҕуттан арахсыбытын дириҥник курутуйан туран иһитиннэрэбит.
Мария Ивановна Сунтаар улууһун 2-с Дьаархан нэһилиэгэр Иван Алексеевич, Мария Васильевна Федоровтар холкуостаах дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон 1931 сыллаахха ыам ыйын 12 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.
Федоровтар Дьаархан нэһилиэгин Чуукаар диэн сиригэр олохсуйан олорбуттара. Элбэх оҕоттон биэс оҕо тыыннаах хаалан, сэрии ыар кэмнэрин ааһан, улаатан, оҕолонон-урууланан дьон буолбуттара. Аҕалаах ийэтэ үлэлиир Тээттиир 7 кылаастаах оскуолатыгар 9 сааһын туолан, 1940 сыллаахха үөрэнэ киирбитэ. 1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Сэрии кытаанах сылларын, аччыктааһын кыһалҕатын этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнэ сүрдээх чаҕылхай күннээҕин мэлдьи өйдүүрэ, ахтара. Ол күн дьон хантан бородуукталанан аһылык атыытын тардан кэбиспитин сөҕөн, Маайа кыра бытархай харчы сыыстааҕар дырыһааҥкы атыылаһан сиэри гыммыта сатамматаҕын, куһаҕан амтаннаах ас буолан биэрбититтэн олус хомойбутун умнубакка улаатан баран, дьоҥҥо атыыланар ас минньигэс, табаар үрдүк хаачыстыбалаах, дьон астынар, махтанар буолуохтаах диэн санаата олоҕун устата айаннаспыта уонна атыыһыт, общепит үлэһитэ буоларыгар, бэйэтэ да билбэтинэн, олук уурбута буолуо диэн, сааһыран олорон саныыра.
Сахалыы ырыа-тойук эдэр ыччакка хааларын туһугар үлэтиттэн уурайан, оскуолаҕа кыра оҕолору саха тойугар, кылыһаҕар, оһуокайыгар уһуйааччынан үлэлии кэлбитэ. Ити 1988 сыллаахха Сунтаар алын оскуолатын аҕыйах оҕотун тойукка үөрэтииттэн саҕаламмыта. Бастаан утаа хамнаһа суох үлэлээбитэ. Онтон 1989–1992 сылларга Тойбохой орто оскуолатыгар Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уурааҕынан оскуолаларга Национальнай кэнсиэпсийэ олоххо киирбитинэн, төрүт култуура учууталынан оҕолору кылыһахха, тойукка үөрэтэ нэдиэлэҕэ икки күн оптуобуһунан айаннаан уунан үлэлээбитэ. 1990 сыллаахтан Сунтаар алын оскуолатыгар куруһуок салайааччытынан үлэҕэ киирбитэ. Үөрэппит оҕолорун сырсан, Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Герасимов Борис Егорович ыҥырыытынан «Кылыһах» куруһуок салайааччытынан, «Кут-сүр алаһатын» хаһаайкатынан ананан, үрдүк категориялаах уһуйааччы аатын ылан, күүһэ кыайарынан, санаата уйарынан сылтан сыл саҥаны киллэрэн, оҕолору саха сиэригэр-туомугар, төрүт култууратыгар, кылыһаҕы, тойугу, дэгэрэҥ ырыаны, чабырҕаҕы, оһуокайы, олоҥхону, хомуска тардыы кистэлэҥнэрин үөрэтэн, Тойуктаах Маарыйа ааттанан, аҕыс уон икки сааһыгар диэри үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта.
Айылҕаттан бэриллибит дьикти дьоҕура кынат буолан, кылыһахтаах тойугунан, кылыгырыы тохтор хомус дьүрүскэнинэн аан дойду талааннаахтарын көрбүт-истибит улуу Дьобуруопа дойдуларын “Ноо!” дэппитэ.
1986 сыллаахха сааһыран эрэр дьон түмсэн, «Алгыс» бэтэрээннэр кулууптарын тэриммиттэрэ. Бу кулуупка Маарыйа кулууп эргийэр киинэ, салайааччыта, сүбэһитэ буолан, 36 сыл устата нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар элбэх тэрээһиннэргэ, кэнсиэрдэргэ, күрэхтэргэ саха сиэрин-туомун, фольклорун киэҥник тарҕатан кэллилэр.
Араас таһымнаах быыбардарга дойду норуот олоҕун уйгута тупсарыгар ис сурэҕиттэн кыһаллан тахсыылаахтык үлэлээбитэ.
Элбэх көлүөнэ ыччат олохторун суолун холбуур дьоро киэһэлэрин ыытар, инники сырдык саҕахтарын сүрүннүүр түөрэхтэрин түһэрэр төлкөлөөх түсчүт, Олоҥхо дойдута Сунтаар сураҕырар ытык ыһыахтарын, күнүн күөрэтэ таһаарар арчылаах алгысчыт быһыытынан саха дьонун уйгутун олохтоһор акылаатын уурсубута.
Мария Егорова мааны куолаһа улуу Москуба куоракка Сойуус грампластинкатыгар уһуллан үйэтитиллибитэ, ырыата-тойуга диискэҕэ тиһиллибитэ, уһуйаанын ньымата анал көрдөрөр босуобуйа буолан тахсыбыта.
Баҕа санаатын толорон, олорбут олоҕуттан толору дьоллоох киһибин диэн астынара.
Күндү киһибит Тойуктаах Маарыйа албан аата, талба талаана, сырдык мөссүөнэ, мааны майгыта, ыраас ыра санаата, олоҕу анааран көрүүтэ, кэскиллээх кэхтибэт кэрэкэ тыллара үйэттэн үйэҕэ кэнэҕэс ыччаттарыгар, сахатын норуотугар кэрэ кэпсэл буола туруоҕа.