Киир

Киир

Сүрэҕин сылааһа, уостубат таптала – сүрэхпитигэр

Олоҕун сыллара: 25.03.1965-06.07.2021
Тапталлаах күн күбэй ийэбит, эбэбит
 
Емельянова Антонина Павловна
 
ыарахан ыарыыттан Орто дойду олоҕуттан барбыта от ыйын 6 күнүгэр үс сыла буолар.
 
Биһиги ийэбит, эбэбит кулун тутар 25 күнүгэр 1965 сыллаахха Сунтаар улууһун Уһун Күөл бөһүөлэгэр элбэх оҕолоох Дьоруой ийэ Мария Макаровна, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Павел Тимофеевич Емельяновтар дьиэ кэргэннэригэр уон биир оҕоттон алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
 
Ийэбит дьоллоох оҕо сааһа, оскуолатааҕы сыллара төрөөбүт Арыылааҕар ааспыта. Элбэх оҕолоох ыал оҕото буолан, кыра сааһыттан дьиэ-уот үлэтигэр дьонугар көмөлөһөн, балтыларын, бырааттарын көрсөн улааппыта. “Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр ордук математика, физика уруогун сөбүлүүрүм” диирэ. Ийэбит кыра эрдэҕиттэн кинигэ ааҕарын сөбүлүүрэ. Киэһэ утуйуу кэмигэр, уоту араардахтарына даҕаны, суорҕан анныгар киирэн сытан банаарыгынан тыктаран хойукка диэри олус умсугуйан туран кинигэ ааҕара үһү. Арыылаах орто оскуолатын 1982 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Биир сыл үлэлээн баран, Бүлүүгэ орто анал үөрэххэ үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Сунтаар сельпотугар үлэлии киирбитэ. Кэлин биэнсийэҕэ тахсыар диэри өр сылларга “Чебурашка” оҕо сайдар киинигэр үлэлээбитэ. Ийэбит, эбэбит үлэтигэр эппиэтинэстээх, үтүө суобастаах үлэһит буоларын элбэх Хайҕал, Махтал суруктара, үлэ бэтэрээнин аата туоһулууллар.
 
Төһө да кылгас олоҕу олордор, Орто дойдуга кэлбит аналын толорон, ийэбит икки уол, икки кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, улаатыннартаан, үөрэхтээн, үлэһит дьон оҥорон, сиэннэрин көрсөн, ахсаабат кыһамньытын ууран барда. Дьоллоох, кэрэ оҕо сааһы бэлэхтээбитигэр, эдэр сааспытыгар үөрэн-көтөн истиҥ тапталынан улаатыннарбытыгар ийэбитигэр муҥура суох махтанабыт. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр кылаас, оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттар төрөппүттэртэн биирдэстэрэ этэ. Өр кэмҥэ төрөппүт кэмитиэтин чилиэнинэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
 
Ийэбит эдэр эрдэҕиттэн иистэнэрин сөбүлүүрэ, ийэтин батан иистэнэр, тигэр буолбута. Урут таҥас-сап аҕыйах кэмигэр араас кырасыабай таҥаһы тиктэрэ. Онтон биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ, төрөөбүппүт кэннэ барыбытыгар чараас таҥастан саҕалаан кыһыҥҥы таҥаска тиийэ тигэрэ. Олох кырабытыттан наһаа үчүгэйдик сахалыы таҥас тигэн таҥыннартыыра. Ону таһынан дьоҥҥо иистэнэрэ. Таҥаһы олус хаачыстыбалаахтык, тупсаҕайдык сөрү-сөп гына тигэрэ. “Тоня сатаабата диэн суох, барыны бары сатыыр” диэн ийэбит туһунан элбэхтик истэрбит. Үчүгэйдик да ыллыыра, уруһуйдуура, чахчы, тугу барытын сатыыра.
 
Ийэбит бэрэскитэ, бөрүөгэ, туорда, кэтилиэтэ – барыта олус минньигэс, тотоойу буолара. Остуолбут мэлдьи дэлэгэйэ, араас астааҕа. Үүнээйи үүннэрэн кэнсиэрбэлиирэ. Остуолбут тула олорон ийэбитиниин бэлимиэн, бурдук ас оҥорор этибит, онтубутун таһырдьа күүлэҕэ таһааран тоҥорорбут уонна кыһын устата киллэрэн сиирбитин кыһыҥҥы күннэргэ биир умнуллубат кэрэ түгэн курдук өйдүүбүт. Сайынын айылҕаҕа сынньанан, сир аһын хомуйан, үөрэн-көтөн кэлэрбит.
 
Биһиги ийэбит, киһилии үтүө майгылаах буолан, элбэх дьүөгэлээҕэ. Кыргыттарын түмэ тутан мэлдьи көрсөллөрө. Билигин да дьүөгэлэрэ ийэбитин истиҥник саныылларыттан олус долгуйабыт.
 
Тапталлаах ийэбит, эбэбит сырдык мөссүөнэ, сүрэҕин сылааһа, уостубат таптала олорорбут тухары сүрэхпитигэр мэлдьи баар буолуо.
 
Оҕолоро, сиэннэрэ.
04.07.2024 12:41