Үөһэттэн барыбытын көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьыаҕа
- Олоҕун сыллара: 01.06.1929-02.06.2024
- Подробности
Биһиги дьиэ кэргэн саамай таптыыр, ытыктыыр, күндүтүк саныыр киһибит – ийэбит, эбэбит, хос эбэбит, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Дьоруой ийэ
Трофимова Евгения Константиновна
от ыйын 11 күнүгэр бу сирдээҕи олоҕун ситэрэн, Орто дойдуттан, биһигиттэн букатыннахтык арахсан барбыта 40 хонуга буолла.
Ийэбит, эбэбит 1929 сыллааахха бэс ыйын бастакы күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун кырыы нэһилиэгэр, Туобуйаҕа, элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөөтүн кытары кыһыл оҕону Константин Руфович уонна Акулина Семёновна Трофимовтар диэн холкуостаах ыал ииттэ ылбыттар. “Ииппит дьонум сымнаҕас майгылаах, үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх этилэр, миигин наһаа таптаан, атаахтатан ииппиттэрэ” диэн мэлдьи истиҥ, сылаас тылларынан ахтара.
Биһиги ийэбит, эбэбит, хос эбэбит олоҕор Дьылҕа Хаан элбэх ыар охсуутун көрсөн ааста. Бастаан эрдэҕэс оҕо сылдьан ииппит дьоно Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр өлөннөр, сир икки халлаан икки ардыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта, көмөлөһөр киһитэ, дьиэтэ-уота уонна ханна да барар-кэлэр сирэ суох буолан, улахан охсууну ылбыта, ыарахаттары көрсүбүтэ. “Холкуос пиэрмэтигэр үлэлээн киһи-хара буолбутум” диэн кэпсиирэ. Олоҕун устатыгар төрөппүт биэс уолун көмпүтэ, ыар сүтүк аһыытын кутурҕанын толору билбитэ.
Ол да буоллар ийэбит барахсан эрэйи-муҥу эдэр эрдэҕиттэн билэн, эр санаалаах, хорсун майгылаах буолан уонна олоххо тардыһыытын күүһүнэн, хаалбыт оҕолорун кытта бииргэ суулаһан олорон, оҕолорун, сиэннэрин көрөн-истэн, улахан ыал саамай тутаах киһитэ, биһиги аймахха олохпут эргийэр киинэ этэ. Барыбытыгар бас-көс киhи буолан, таптыыр оҕолорун, сиэннэрин ортотугар олорон “бэйэбин дьоллоохтук сананабын” диэхтиирэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр иэдээннээх сэрии кэмигэр ииппит дьоно ыарыһах, кыаммат буолан, ийэбит барахсан оскуоланы 4 эрэ кылааһынан түмүктээбитэ. Ол да буоллар билиигэ, үөрэххэ олус тардыһара, кинигэни, хаһыаты умсугуйан туран ааҕара, тэлэбиисэргэ сахалыы сонуннары, кииинэлэри, кэнсиэрдэри көрөрүн наһаа сөбүлүүрэ, олох саҥа көстүүлэрин, сүүрээннэрин, хамсааһыннарын бэрт түргэнник, улгумнук ылынара. Өйө-санаата тобуллаҕас, сытыы, киэҥ, мындыр, сырдыкка-ырааска эрэ тардыһар этэ. Өйдүүр дьоҕурун олох хойукка диэри илдьэ сылдьыбыта, эдэр эрдээҕинээҕи олоҕун, аймахтарын, алтыспыт дьонун-сэргэтин умнубакка сиһилии кэпсээччи, төрөөбүт дойдутугар ким кимиэхэ уруу-аймах буоларын аахтара билээччи.
Биһиги ийэбит уон оҕону төрөтөн, иитэн, атахпытыгар туруортаабыта уонна үөрэхтээх дьон буоларбытын ситиспитэ. Биһигини бэрт кыра оҕо эрдэхпититтэн:
“Үөрэхтээх буолуохтааххыт, олоххутун оҥосторгутугар хайаан даҕаны идэни баhылыахтааххыт”, - диэн такайара, сыал-сорук туруортуура.
Ол курдук икки уола уонна сиэнэ кыыс билим хандьыдаата истиэпэннээхтэр, бэйэлэрин үлэлиир эйгэлэригэр үгүс ситиһиилээхтэр, биллэр исписэлиистэр.
10 оҕотун иитээри, киhи оҥортоору төhөлөөх утуйбатаҕа, тото-хана аhаабатаҕа, киhилии сынньамматаҕа буолуой?! Түүннэри 10 оҕо таҥаhын-сабын тигэн, абырахтаан, этэрбэстэри, хаатыҥкалары улларан, аны бачча элбэх оҕо ыалдьара, күнүстэри-түүннэри ону эмтээн-томтоон, аны дьиэтээҕи үлэтэ, хотоно, сүөhүтэ, ото-маһа – хаhан-хаhан утуйаахтыыра буолла?! Сарсыарда эрдэ туран, дьиэтээҕи үлэтин бүтэрэн-оhорон остуолга аhылыга бэлэм буолара, биhигини аhатан-сиэтэн оскуолаҕа атаарара.
Ийэбит барахсан бэйэтэ айылҕаттан сытыы-хотуу, турбут-олорбут, түргэн-тарҕан туттунуулаах, ыраас-чэбэр этэ, туохха барытыгар бэрээдэги сөбүлүүрэ уонна оннукка биhигини үөрэппитэ, ирдиирэ. Ийэбит ыраастык туттар уонна көрүнэр этэ, таҥаhа-саба бэрээдэктээх, бириэмэтигэр сөп түбэһэр муодалаах кэтэр таҥастаах буолара. Оҕо сылдьан биирдэ даҕаны кирдээх таҥастаах-саптаах, аччык сылдьыбыппытын өйдөөбөппүт. Биһигини киэhэ аайы суорат, сарсыарда күөрчэх оҥорон тото-хана аhатааччы. Ийэбит наһаа үчүгэй дьиэ хаһаайката этэ. Дьиэбит остуола хотойорунан итии, минньигэс тотоойу аhылыга толору буолара. Кини эрдэттэн тэринэрин-бэлэмниирин, ас-үөл баарын сөбүлүүрэ, халадыынньыктара, морозильниктара биирдэ даҕаны кураанах турбатахтара. Ийэбит, эбэбит оҕуруотчут бастыҥа этэ: күһүн аайы оҕуруот аһыгар өлгөм үүнүүнү ылара, сир аһын арааһын хомуйарын астынара уонна тыаҕа ыраас салгыҥҥа хоно-өрүү барара. Сир аһын арааһа төгүрүк сыл остуолга баар буолара. Хантан эмэ кэллэххинэ, түүнүн утуйбакка итии чэйдээх, минньигэс астаах, сып-сылаас утутар оронноох үөрэ-көтө көрсөрө.
Төһө да элбэх оҕолооҕун иһин ийэбит төрөөбүт Туобуйатыгар холкуоска, сопхуоска, кэлин Усуйаана оройуонугар “Силээннээх” сопхуоска гостиница дириэктэринэн элбэх сыратын биэрэн туран үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ буолбута. Үлэлиирин тухары элбэхтик хайҕаммыта, аптарытыаттаммыта, үлэ ударнига этэ. Бочуоттаах сынньалаҥар Дьокуускай куоракка кэлэн олорбута, биһигини барыбытын бэйэтин тула муспута, эргийэр кииммит буолбута.
Оҕолоро билигин бары төһө да саастаах, биэнсийэҕэ тахсыбыт саастаах дьон буолларбыт, ийэбит биһигини кыра оҕолор курдук көрөрө: тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ, мөҕөттүүрэ, үөрэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра. Үлэлээн бүтэн кэлэрбитин күүтэн аҕай олороро, туох сонуннаахпытын, хайдах үлэлээбиппитин, хайдах сылдьыбыппытын туоhулаhара, аhа барыта остуолга тардыллан бэлэм турара уонна:
“Дьэ, хата, оҕолорбун кытта бииргэ аhыам, эһигини көрөн олорон аhыырым да үчүгэй”, – диирэ.
Оҕолорун, сиэннэрин олус таптыыра, бардахпытына суохтуура, кэллэхпитинэ, сирэйэ-хараҕа сырдаан, үөрэн бөҕө буолара, элбэх сонуннаах тоhуйара. Эбэбит сиэннэрин ситиһиилэриттэн үөрэрэ, кинилэр ситиһиилэриттэн кынаттаммыкка дылы буолара. “Оҕолорум атын дьонтон итэҕэһэ суох буолалларын туһугар олоробун” диэн куруук этэрэ.
Ийэбит барахсан чараас уйан сүрэхтээҕэ. Ол курдук туох эмэ ордор буоллаҕына, хайаан даҕаны кыаммат-түгэммэт, элбэх оҕолоох ыалларга, саха сиэринэн, бэрсэрин сөбүлүүрэ, тобус-толору суумканан туттаран ыытара уонна биhигини “хаhан даҕаны дьонтон көҥөммөт буолуҥ, биэрэр буоллаххытына, үчүгэйи суумканы толору угуҥ” диэн сүбэлиирэ, үөрэтэрэ.
“Дьон-сэргэ үчүгэйи саныахтара, баҕарыахтара, оччоҕуна оҕолорум этэҥҥэ сылдьыахтара, уhуннук олоруохтара” диэхтиирэ.
Кыра оҕолору олбуорга ыҥыран киллэрэн сиэптэригэр тобус-толору бэчиэнньэ, кэмпиэт уган биэрэрэ.
Биhиги – оҕолоро, сиэннэрэ – бары үөрэхтээх үлэhит дьон буолан олохпутун оҥосторбутугар төһүү күүс буолбут ытыктыыр, таптыыр киhибитигэр – күн курдук күндү ийэбитигэр, эбэбитигэр – тулҕадыйбат барҕа махталлаахпыт.
Орто дойдуга, бу сир үрдүгэр баарбыт тухары тапталлаах ийэбитин, эбэбитин, хос эбэбитин өйдүү-саныы, ахта сылдьыахпыт. Кини кэрэ, сырдык дууһата Үөһэттэн биһигини барыбытын көрө-истэ араҥаччылыы-харыстыы сылдьыаҕа.
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.