Киир

Киир

Дьоһуннаах олоҕу олорон ааста

Олоҕун сыллара: 10.05.1942-13.07.2023
 
Таптыыр кэргэним, аҕабыт, эһэбит Андреев Георгий Григорьевич күн сириттэн барбыта от ыйын 13 күнүгэр биир сыла буолла.
 
Аҕабыт 1942 с. ыам ыйын 10 күнүгэр Ньурба улууһун Өҥөлдьө нэһилиэгэр халыҥ аймахха, алта оҕолоох Григорий Никитич, Мария Дмитриевна Андреевтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, аҕаларыныын эрэ хаалбыттара. Сэрии ыар сылларыгар төрөөбүт, оҕо сааһыттан ыараханы көрсүбүт буолан, кэннин диэки чаҕыйбат күүстээх санаалаах, инникигэ тардыһыылаах үтүө майгылаах этэ. Ол да иһин Өҥөлдьө оскуолатын бүтэрээт, 15 сааһыттан алта бииргэ төрөөбүттэн соҕотох уол, аҕатыгар көмө уонна убай киһи буолан, Ньурбаҕа киирэн уу таһааччынан үлэлээбитэ, үлэ киһитэ буолбута.
 
Кини сүрдээх аламаҕай, балтыларын наһаа таптыыра, кыра сылдьан ханна эмэ бардаҕына, балтыларыгар кэмпиэт эбэтэр үчүгэй кэмпиэт суутун көрдөҕүнэ, кэһии гынан аҕалара, оччолорго оҕолорго ыаллаах оонньуурга ол олус күндү буолара. Кэлин даҕаны балыстара үөрэхтэнэллэригэр, олохторун суолларын булалларыгар, ыал буолалларыгар, кинилэр оҕолорун көрөн-истэн, сүбэлээн-амалаан, күүс-көмө, өйөбүл буолбута.
Улаатан баран 60-с сыллартан куоракка дьоруой Алексеев тутуу биригээдэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, Дьокуускайга элбэх дьиэ тутуллуутугар өҥөлөөх.
 
Онтон Дьылҕа Хаан оҥоһуута тардан, 1969 с. кэрэ айылҕалаах, ыраас уулаах Аммаҕа олохсуйбута. Манна “Мясомолпромҥа” тирии маастарынан, кэлин бу тэрилтэҕэ, сопхуос буолан, “Мясомолпром” туох баар производственнай тэрилин хааччыйар эппиэттээх үлэҕэ таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык өр сыл үлэлээбитин “Коммунистическай үлэ удаарынньыга” аатын хас да төгүл ылбыта туоһулуур (1977, 1983). Дьоһун, бэриниилээх үлэтэ РСФСР Бочуотунай кыраамататынан бэлиэтэммитэ уонна элбэх кырааматанан наҕараадаламмыта.
 
1974 с. Аммаҕа олоҕун аргыһа Анастасия Семеновнаны көрсөн ыал буолар, дьиэ тэринэн дьоллоохтук, иллээхтик-эйэлээхтик олордулар. Аҕабыт барахсан үс оҕону улаатыннаран, үөрэттэрэн, ыал оҥорон, сиэннэрин көрсөн, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын аатын чиэстээхтик сүгэн ааста уонна барыбытыгар үтүө холобур буолар. Биһигини, оҕолорун, күтүөттэрин, кийиитин уонна сиэннэрин, наһаа таптыыра, атаахтатара. Барыбытын үгүс куоратынан, соҕуруу куруортарынан, кыраныысса таһынан илдьэ сылдьара. Бэйэтэ эмиэ Арассыыйа сүрүн куораттарыгар, СНГ судаарыстыбаларыгар, Кытайынан, Вьетнамынан, Дубайынан, Хотугу Африканан сылдьан, үөрэн-көтөн, барыбытыгар наар кэһиилээх, кэпсээннээх кэлэрэ. 2013 с. Кытай Далянь куруордугар сынньаммыппыт уонна кэлин, ийэбит баҕа санаатын толорон, Хара муораҕа илдьэ сылдьыбыта. Ама, умнар үһүбүөт ол үтүө сыллары...
 
Биһиги аҕабыт кыраттан да сүрдээх үөрүнньэҥ этэ, олоххо кэрэни таба көрөрө, дьоҥҥо үчүгэйи, үтүөнү эрэ баҕарара, саҥаны билэ-көрө сатыыра, мындыр өйдөөх, сатабыллаах, барыга бары дьоҕурдаах этэ. Олус үчүгэйдик уһанара: миэбэл оҥороро, кыра эрдэхпитинэ карусель, сыыр оҥорон ыаллар, аймахтар оҕолоро кэлэн онно мэлдьи биһигинниин оонньууллара, мэниктииллэрэ, сынньаналлара. Ынах муоһуттан, мастан сүбэниирдэри уонна оонньуурдары оҥороро. Хаартыскаҕа түһэрэрин уонна ону оҥорон таһаарарын сөбүлүүрэ. Тиэхиньикэни олус сэргиирэ, хайа да тимир көлөнү таба туттара.
 
Аҕабыт алаадьыта, күөрчэҕэ минньигэс да буолара.
 
Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр 1986 сылтан 1991 сылга диэри оройуон бытовой кэмбинээтин эспэдиитэринэн үлэлээбитэ. Туох да суох кэмигэр ити саҕана тэрилтэҕэ Никитин Николай Николаевич дириэктэрдиирэ, үлэҕэ былааннарын куруук аһара толороллоро. Эдэр саас бастыҥ ыччаттарын көрдөөх, көхтөөх үлэлэрин аҕабыт куруук сөҕө-махтайа ахтара. Ол кэннэ алта сыл Аммаҕа оройуоннааҕы үөрэх салаатын хаһаайыстыбаннай чааһыгар ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбитэ.
Киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хотуу буолан, кэлин ИП тэринэн эргиэн-урбаан дьыалатынан дьарыктаммыта. Араас сиринэн сылдьан эргинэр этэ, нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥороро, успуонсар буолан, үгүс дьон махталын ылара. Элбэх сири-дойдуну көрөн, араас дьону кытта алтыһан, билиитэ киэҥ, олоххо тардыһыылаах, дьону кытта түргэнник биир тылы булар дьоҕурдаах, аныгылыы толкуйдаах, көрүүлээх этэ.
Ханна да, тугу да үлэлээтэр, хаһан да уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат этэ. Ол курдук, өр сыл идэлээх сойуус, төрөппүт кэмитиэтин, «Сэрии кэмин оҕолорун» актыыбынай чилиэнэ этэ, ИДьМ ыстааты таһынан үлэһитинэн, нэһилиэк дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ.
 
Аҕабыт өр сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн грамоталары ылбыта уонна “Үлэ бэтэрээнэ” ааты сүкпүтэ.
 
Кэлин 20-тэн тахса сыл Дьокуускай куоракка көһөн, дьиэ-уот туттан, чугас дьонун, балтыларын кытта алтыһан, аймахтарын түмэн, быр бааччы манна олохсуйаллар. Манна да биэнсийэлээхпин диэн олорбокко, дьоммор күүс-көмө буолуом диэн, Прометейга, онтон Автовокзалга олбуор харбааччынан үлэлээбитэ. Үлэтигэр өрүү хайҕанара, үтүө тылынан ахталлара. Аҕабыт үлэлээбит тэрилтэлэрин барыларын истиҥник саныыра, махтанара.
Күндү киһибит дьоҥҥо эйэлээх, ханнык да үлэҕэ, омукка сирдэрбэт, наар хайҕалга сылдьара. Аҕабытыгар махталбыт муҥура суох, маннык үтүө санаалаах киһи биһиги олохпутугар ананан кэлэн дьоһуннаах олоҕу олорон ааста.
Биһиги аҕабыт барахсаны куруук суохтуохпут, үйэбит тухары кини сырдык мичээрин умнуохпут суоҕа, биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.
 
Кэргэнэ, оҕолоро,
күтүөттэрэ, кийиитэ, сиэннэрэ.
19.07.2024 11:11