Киир

Киир

Эн олорбут олоҕуҥ, ыраас дууһаҥ хаһан да умнуллуо суоҕа...

Олоҕун сыллара: 01.09.1927-10.07.2024
 
Күндү аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Кирииллин Ньукулай Сэмэнэбис 1927 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Таатта улууһун 5-с Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай ыалга төрөөбүтэ.
 
Оҕо эрдэҕиттэн 18 сыл устата “Бойобуой” холкуоска үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ. Доруобуйата мөлтөх буолан, салгыы үөрэнэ барбатаҕа. 1953–1956 сылларга Сталин аатынан холкуос үүт-табаарынай пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, кэлин Ленин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан сылдьыбыта.
 
Кэлин 1957 сыллаахха Дьокуускай куоракка финансовай техникумҥа буҕаалтыр үөрэҕин ылан, холкуоһуттан тэйэн, учуот уонна отчуоттааһын АПО, ОДСП, ОКТБ исписэлииһинэн анаммыта. Үйэтин тухары – 55 сыл устата – тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбитэ. Онтон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ыйааҕынан хоту оройуоҥҥа үлэлии барбыта. “Муома” сопхуоска 14 сыл кылаабынай буҕаалтырынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, “Оленегорскай” сопхуоска 7 сыл кылаабынай экэнэмиистээбитэ. Ол кэмҥэ “Оленегорскай” сопхуос 10 хаалыылаах сопхуостан инники күөҥҥэ тахсарыгар элбэх сыратын биэрбитэ. Иккиэн Сойууска биллэр сопхуос буолбуттара. Аҕабытын ситиһиилээх үлэтин сыаналаан, саҥа тэриллибит, таба дьарыктаах сопхуостар холбоһуктарыгар ыҥыран ылбыттара. Онно 18 сыл кылаабынай буҕаалтырынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ.
 
1961 сыллаахха аналын көрсөн, кэргэнэ Аммосова Евдокия Иннокентьевнаны кытта лоп бааччы 50 сыл олорбуттара. Олоҕун аргыһа Усуйаана Силээннээҕиттэн төрүттээх үрдүк зоотехник идэлээх, Евдокия Иннокентьевна Муома оройуонун райсоветын бэрэссэдээтэлинэн, САССР, СССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, олохтон эрдэ туораабыта. 5 оҕолоох, 15 сиэннээх, 10 хос сиэннээх. Оҕолоро билигин туһунан ыаллар, ийэ-аҕа, эһэ-эбэ буолан, дьиэ-уот тэринэн дьоһун ыаллар.
 
Биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит – тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах настаабынньыга, үлэ туйгуна, “Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх, элбэх наҕараадалаах.
Ньукулай Сэмэнэбис бу Орто дойдуттан дьоһун, баай ис хоһоонноох олоҕу олорон барда. Аҕа, эһэ быһыытынан хас биирдиибитин кытта сибээһин быспакка, мэлдьи истэ-билэ, сураһа олороро. Оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэриттэн наһаа да үөрэрэ, барыбытын дьиэтигэр ыҥыран, үөрүүлээх түгэннэри, ситиһиилэри үөрэ-көтө бэлиэтиир үгэстээҕэ.
 
Оҕо сааһыгар эрдэ тулаайах хаалан, олох аһыытын-ньулуунун этинэн-хаанынан билэн улааппыт буолан, барыбытын түмсүүлээх буоларга, бэйэ-бэйэбитигэр ханнык да түгэҥҥэ өйөнсө, көмөлөсүһэ сылдьарбытыгар сүбэлиирэ. Бары аймахтарыгар баарынан-суоҕунан көмөлөһөрө, өрүү сүбэлии-амалыы сылдьара. Чугас дьонун, доҕотторун ыҥыран ирэ-хоро кэпсэтэрин сөбүлүүрэ, олус ыалдьытымсах, хойуккааҥҥа диэри бэйэтэ астаабыт аһынан күндүлээн ыалдьыттарын соһутара.
Ньукулай Сэмэнэбис саамай сөбүлүүр дьарыга булт, балыктааһын уонна саахымат этэ. Ол курдук, соторутааҕыта үөлээннээхтэрин ортотугар саахымат күрэҕэр бастакы миэстэни ылан үөрбүтэ-көппүтэ.
Төһө да саас ыллар, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, сытан хаалбакка, олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсара. Ол курдук, көмпүүтэргэ бэйэтэ бэчээттиирэ, интэриниэти баһылаан, наадалааҕын булан ааҕара, аан дойду олоҕун билэ-истэ олорбута.
 
Кэлиҥҥи кэмҥэ аныгы сиэр быһыытынан урукку үлэтин, олоҕун туһунан ахтыы кинигэлэри суруйбута. Ол курдук, “Куйаар Кирииллиннэр аҕаларын ууһа” (2016 с.), “Холкуостаах Ньукуу сэһэнэ” (2021 с.), “Сонордьут Ньукуу сэһэнэ” (2022 с.) диэн кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара, оччотооҕу холкуос, сопхуос үлэһиттэрин олоҕо дириҥник сырдатыллыбыта. Бу кинигэлэр оҕолоругар, ыччаттарыгар, бар дьонугар улахан дьоһун суолталаах бэлэх буолан үйэлэргэ хаалыаҕа.
Ньукулай Сэмэнэбис, төһө да куоракка олохсуйан олордор, Чөркөөҕүн, төрөөбүт алааһын Буор Ураһаны олус истиҥник ахтара-саныыра. Быйыл бэс ыйыгар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин барыларын илдьэ тахсан, төрөөбүт алааһын билиһиннэрэн, көрдөрөн, балаакканан түһэн, хонон-өрөөн, аймахтарыгар ыалдьыттаан, сынньанан, дуоһуйан киирбитэ.
 
Киһи бастыҥа, сырдык санаалаах, ытыктыыр киһибит Ньукулай Сэмэнэбис Кирииллини тиһэх суолугар атаарарга ыраахтан-чугастан кэлбит бары аймахтарбытыгар, чуолаан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александрович Александровка, Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгин баһылыга Андрей Петрович Семеновка, ытыктыыр, чугас доҕоро Роман Романович Богатыревка барҕа махталбытын хаһыатынан тиэрдэбит.
Ытык киһибит Ньукулай Сэмэнэбис сырдык мөссүөнүн, үтүө сүбэтин, сиэрдээх олоҕун мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Кини мындыр өйө, киэҥ толкуйа, дириҥ билиитэ, дойдутугар таптала, биһиги туспутугар кыһамньыта, истиҥ эйэҕэс сыһыана сырдык өйдөбүл буолан сүрэхпитигэр хаалыаҕа.
 
Таптыыбыт, саныыбыт, суохтуубут...
 
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.
19.07.2024 11:17