Киир

Киир

Ийэ дойдутун хорсуннук көмүскээбитэ

Олоҕун сыллара: 02.12.1975-15.05.2024
Степанов Михаил Афанасьевич, оҕо аата Мииккэ

 

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр 1975 с. ахсынньы 2 күнүгэр Анна Михайловна, Афанасий Афанасьевич Степановтар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы уол оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1982 с. аан бастаан оскуола боруогун атыллаабыта. Оҕо эрдэҕиттэн олус ыарытыйара, 8-с кылааска тыҥатыгар улахан эпэрээссийэни ааспыта. Ол да буоллар оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр саахыматынан, дуобатынан дьарыгырара, оройуоҥҥа элбэхтик миэстэлэһэрэ, хайыһардыыра, путбуоллуура. Үөрэҕи үчүгэйдик ылынара, кыра кылаастарга туйгун үөрэнээччи этэ. Сөбүлүүр уруоктара устуоруйа, география, политология, астрономия этилэр. Омук тылын бэйэтэ үөрэтэн, холкутук саҥарара.
 
Оскуоланы 1992 с. бүтэрэн баран, СГУ-га устуоруйа факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. 1994–1996 сс. Дьокуускайдааҕы потребкооперация техникумун бүтэрбитэ. Орто анал үөрэҕин үрдэтинэн, 1997–2000 сс. Сибиирдээҕи потребкооперация университетыгар “товароведение уонна табаар экспертизата” идэтигэр үөрэммитэ. Горнай райпотугар үлэтин товароведынан саҕалаабыта. Потребкооперацияҕа Маҕараска, Бэрдьигэстээххэ, Тааттаҕа үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Райполар эстибиттэрин кэннэ атын тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ, онтон тутууга көспүтэ, урбаанньыттаабыта.
 
2013 с. муус устарга Намтан төрүттээх Матрена Михайловна Парнякованы кытта ыал буолан, Дьокуускайга олохсуйбуттара.
 
2019 с. Арассыыйа суутун бириистэптэрин федеральнай сулууспатын (ФССП) Саха сиринээҕи салаатыгар үлэҕэ киирбитэ. Үтүө суобастаах, чиэһинэй үлэтин Махтал суруктар, ол иһигэр ФССП салайааччытын Махтал суруга, туоһулууллар.
 
Бэлиитикэни интэриэһиргиирэ, ырытара. Оҕо эрдэҕиттэн байыаннай буолуон олус баҕарара. Өр сылларга иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын толорон, 2023 с. алтынньы 13 күнүгэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарга биир сылга хантараак түһэрсибитэ. Биһиги Мииккэбит Ийэ дойдутугар дириҥ бэриниилээх патриот этэ. “Мин барбатахпына, эһиги холкутук утуйаргытын, оҕолоргут дьоллоох буолалларын көмүскүү ким барыай?” диирэ.
 
Байыаннай бэлэмнэниини Хабаровскай кыраай Бикин куоратыгар ааспыта. “Маҕарас” диэн төрөөбүт нэһилиэгин аатынан позывнойдаммыта. Луганскайга сэтинньи саҥатыгар тиийбитэ, онтон ДНР сиригэр, Угледар куорат анныгар Павловкаҕа ПТУР ытааччытынан сулууспалаабыта, хорсуннук сэриилэһэн хамандыырдарын махталларын ылбыта.
 
2024 с. муус устар 19-тан ыам ыйын 4 күнүгэр диэри ылбыт уоппускатын, баҕа санаатын толорон, кэргэниниин Москубаҕа атаарбыттара. Москуба өрүһүнэн күүлэйдээн, Третьяковскай галереяны, түмэллэри, быыстапкалары көрөн, астына-дуоһуйа сынньанан баран сулууспатыгар төннөрүгэр, Горнайтан АБДь-га баран иһэр гуминитарнай көмөнү көрсөн, арыаллаһан барбыта. Дойдутун дьонун, нэһилиэгин уолаттарын, доҕотторун көрсөн, санаата көтөҕүллэн, ыам ыйын саҥатыгар сулууспалыыр сиригэр тиийбитэ.
 
Ыам ыйын 12 күнүгэр Волновахаттан Авдеевкаҕа барбытын туһунан биллэрэр. Ыам ыйын 15 күнүгэр бүтэһигин “Ольгинкаҕа тиийдим” диэн бассааптаабыта, ол кэнниттэн сибээскэ тахсыбатаҕа...
 
19-с чыыһылаҕа бииргэ сулууспалыыр уолаттарыттан “кимэн киириигэ бааһырбыт” диэн сураҕы истэн, аймахтара көрдөөһүммүтүн саҕалаабыппыт. Дойду элбэх госпиталыттан ыйыталаһа сатаабыппыт. Онтон чааһыттан “сураҕа суох сүттэ” диэн биллэрии кэлэн, ийэтиттэн ДНК тест ылбыттара. Ол тухары, баҕар, бааһырбыта буолуо диэн, санаабытын түһэрбэккэ түүннэри-күннэри көрдүүрбүт.
 
От ыйын 3 күнүгэр чааһын хамандыырыттан уолбут бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубутун туһунан иһитиннэрии кэлбитэ...
 
Мииккэбит көнө майгылааҕа, олус эйэҕэһэ. Оҕолору наһаа сөбүлүүрэ, балтыларын, аймахтарын оҕолорун көрсүбүтэ. Бырааттара, балтылара убайдарын олус сөбүлүүллэрэ, таптаабыттарынан убайдарын дьээбэлээн аат бөҕөтүн иҥэрэллэрэ, ол аайы Мииккэ олус үөрэрэ... Сатаабата диэн суоҕа, туттара-хаптара, оҥороро түргэнэ. Сатаан оҥоһуллуо да суох курдугу оҥорон, сүүрүө да суоҕу сүүрдэрэ. Аймахтарыгар, доҕотторугар өрүүтүн күүс-көмө буолара.
 
Байанайдаах булчут этэ. Саас, күһүн таптыыр Оллоонутугар тиийэн, бултаан-алтаан астынара. Байанайа күндүлээн, наар өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэрэ. Анал байыаннай дьайыыга барыан иннинэ ыйы быһа тапталлаах эбэтигэр бултаан-алтаан, төрөөбүт айылҕатыгар дуоһуйуор диэри сылдьан барбыта.
 
Украинаҕа тиийэн, сирин-уотун, айылҕатын сөбүлээбитин кэпсиирэ, “хаарыан дойдуну Бандера утумнааччылара сиэн, тэпсэн олорбуттар да эбит” диэн, дьиҥнээх олохторун билэн кэпсиирэ. “Байыаннай буолан, бэйэбин буллум” диэн үөрэрэ. Олоҕу таптыыр, санаатын түһэрбэт, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар оптимист этэ.
 
Эһэтэ А.Н. Степанов Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Сталинград анныгар хорсуннук сэриилэһэн, Аҕа дойду сэриитин уордьанынан наҕараадаланан эргиллибитэ. Михаил Афанасьевич, кылгас кэмҥэ да буоллар, аҕатын ууһун албан ааттаах бойобуой суолун чиэстээхтик толорон, Ийэ дойдутун туһугар хорсуннук сэриилэспитин бииргэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторун кэпсээннэрэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Эр Санаа уордьанынан наҕараадаламмыта туоһулууллар.
 
Ийэ дойдутун көмүскэлин туһугар олоҕун толук уурбут оҕобут, бырааппыт, убайбыт, доҕорбут Михаил Афанасьевич Степанов сырдык аата, мөссүөнэ өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр өрүү баар буолуоҕа.
 
Ийэтэ, кэргэнэ, балтылара,
күтүөттэрэ, аймахтара, доҕотторо.
19.07.2024 11:32