Баарбыт тухары Эн өрүү тыыннааххын
- Олоҕун сыллара: 05.08.1938-11.07.2024
- Подробности
Титов Нестер Яковлевич Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр холкуостаах ыалга 1938 сыл от ыйын 30 (докумуоҥҥа киирбитинэн, атырдьах ыйын 5 күнэ) күнүгэр төрөөбүтэ.
Сэрии ыар сылларыгар улаатан, оҕо эрдэҕиттэн кыһалҕа, тиийиммэт буолуу, аччыктааһын диэн тугун билбитэ. Арыылаах сэттэ кылаастаах, Тойбохой орто оскуолаларыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Аҕатын эрдэ сүтэрэн, оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн хара үлэҕэ мускуллан-таккыллан, буһан-хатан киһи буолбута.
1957 сыллаахха Бэстээхтээҕи тутуу собуотугар оробуочайынан киирбитэ. 1958–1961 сылларга Сахалиҥҥа аармыйаҕа сулууспалаабыта, ол сылдьан хайыһарга үһүс спортивнай эрэсэрээти толорбута, Аҕа дойдутугар ытык иэһин толорон, ефрейтор чыыннаах дойдутугар төннүбүтэ.
1967 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэн учуутал идэтин ылбыта.
Нестер Яковлевич Леонид Попов аатынан Сунтаар улууһун Арыылаах орто оскуолатын устуоруйаҕа уонна уопсастыба билиитин үрдүкү категориялаах учууталынан, дуобат куруһуогун салайааччытынан 45 сыл үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна (2001), Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ (2007), үлэ бэтэрээнэ (1986).
1977–1982, 1990–1993 сылларга Арыылаах сэлиэнньэтин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк түмсүүтүн бэрэссэдээтэлинэн, бастакы баһылыгынан, 1986–1990 сылларга Арыылаах орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ.
1965 сылтан «Знание» уопсастыба лиэктэрэ. 2005 сыллаахха «Знание» уопсастыба «Сүрүннүүр лиэктэрэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха «Ильич уоттара» хаһыат бастыҥ кэрэспэдьиэнэ аатын ылбыта. 1992 сыллаахха саха норуотун бастакы Кэнгириэһин дэлэгээтэ.
2008 сыллаахха Сунтаар улууһун “Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” ааты иҥэрбиттэрэ.
2009 сылтан Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон өрөспүүбүлүкэ, төрөөбүт улууһун хаһыаттарыгар, куйаар ситиминэн элбэхтик бэчээттэммитэ, «Арыылаах нэһилиэгин 100 сыла» кинигэ тахсарыгар улахан көмөнү оҥорбута, төрөөбүт кыраайын үөрэтиинэн дьарыктаммыта.
Нестер Яковлевич – икки кинигэ ааптара: «Арыылаах нэһилиэгин историята» (2015), «Арыылааҕым – мин суруйууларбар» (2018). Улаханнык ыалдьа сылдьан Е.М. Молотков суруйууларын архыыптан бэйэтин харчытыгар куоппуйалаан, нуучча урукку албаабытынан суруллубут саха бастакы бөлүһүөгүн буочарын сатаан ааҕан, өйдөөн, сааһылаан «Е.М. Молотков. Философские и социологические взгляды» (2020) диэн ааттаан таһаартарбыта.
Нестер Яковлевич 60-ча сыл тухары төрөөбүт нэһилиэгин, баай устуоруйатын, нэһилиэк бастыҥ дьонун туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кыаҕа баарынан сырдаппыта.
Кини аймахтарыгар-урууларыгар, биир дойдулаахтарыгар, бииргэ үлэлээбит-алтыспыт дьонугар, үөрэппит оҕолоругар үрдүк аптарытыаттаах, Уһун Күөл дьоно-сэргэтэ киэн туттар, биллэр-көстөр, тумус киһилэрэ этэ.
51 сыл тухары эйэ дэмнээхтик бииргэ олорбут күндү киһим, аҕабыт, эһэбит киэҥ билиилээх, дириҥ көрүүлээх-истиилээх, хоһуун үлэһит этэ. Күн күбэй ийэтин көрбүтэ-истибитэ, балтыларын олохторун булалларыгар кыаҕа баарынан көмөлөспүтэ. Алта оҕотун үрдүк үөрэхтээн, куоракка дьиэлээн-уоттаан атахтарыгар бигэтик туруорбута, киһи оҥорбута, дьону-сэргэни убаастыыр, үлэни сэргиир, таптыыр, кыайар-хотор курдук, туохтан да толлубат, чаҕыйбат гына ииппитэ-такайбыта.
Күндү киһибит үтүө аата-суола, сырдык мөссүөнэ мэлдьи биһигини өйүү-такайа, үөрдэ-көтүтэ, дурда-хахха буола сылдьыа.
Баарбыт тухары эн өрүү тыыннааххын.
Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ.