Өрүү өйдүүбүт, ахтабыт, суохтуубут...
- Олоҕун сыллара: 03.08.1958 - 15.09.2021
- Подробности
Биһиги дьиэ кэргэн тумус туттар тутаах киһибит, дурдабыт-хаххабыт, тапталлаах кэргэним, аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Софронов Евсей Николаевич ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта балаҕан ыйын 15 күнүгэр 3 сылын туолар.
Биһиги аҕабыт 1958 сыллаахха атырдьах ыйын 3 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр Анастасия Николаевна, Николай Семёнович Софроновтарга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, убайдарын батыһан, 1971–1975 сс. Чурапчы спортивнай интэринээт-оскуолатыгар үөрэммитэ. Онтон дойдутугар кэлэн суоппар идэтин баһылаабыта. 1976–1978 сс. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1981–1983 сс. Саратовтааҕы ИДьМ оскуолатын бүтэрбитэ.1983 сылтан Майаҕа ГАИ отделыгар үлэтин саҕалаабыта. 1999–2011 сс. Үөһээ Бүлүү ГАИ-тын начаалынньыгынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. ССТХА “юриспруденция” салаатын бүтэрбитэ. Уопсайа Ис дьыала уорганнарыгар 32 сылын анаабыта. 30-ча сыл аҥаардас ГАИ сулууспатыгар бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кырдьыгы өрө тутар, үлэһиттэригэр эйэҕэс сыһыаннаах, өрүү сүбэ-ама биэрэр, барыларыгар тэҥник сыһыаннаһар, өйдүүр салайааччы. Бочуоттаах сынньалаҥҥа да олорон, Евсей Николаевич настаабынньык быһыытынан элбэх көлүөнэ милииссийэ уонна полиция үлэһиттэрин иитэн, үөрэтэн-такайан таһаарбыта.
Успуорт сайдыытыгар кырата суох кылаатын киллэрбитэ. Спортсмен быһыытынан түргэн туттунуулаах, сымса, ураты албастардаах этэ. Кини хапсаҕайдьыт эрэ буолбатах. Бүлүү зонатын үлэһиттэрин дуобакка күрэҕин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ.
Күндү киһибит күн курдук киһи этэ. Өрүү сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайара, мичээр аргыстаах сылдьара. Аҕабыт олус үөрүнньэҥ, ырааҕы көрөн былаанныыр, туруоруммут сыалын ситиһэр, ыалдьытымсах, тулалыыр дьону кытта биир тылы түргэнник булар, үтүө сыһыаны олохтуур, түмсүүлээх буолары тэрийэр дьоҕурдааҕа, дьон убаастыыр, чахчы, норуот киһитэ этэ. Аҕабыт – биһиги аймахха холобур оҥостор киһибит. Киэҥ аймаҕы түмэр, өрүү барыларын кытта билсэр, тутаах киһибит этэ. Ким да буоллун – барыларыгар мэлдьи көмөлөһөр, сүбэлии-амалыы сылдьар истиҥ сыһыаннааҕа. Кэлин, сынньалаҥҥа олорон, кыралаан хоһоон суруйар буолбута. Олох-дьаһах, дьиэ кэргэн, төрөөбүт дойду, доҕордоһуу, оҕо саас, таптал, о.д.а тиэмэлэргэ сөбүлээн суруйара.
Дьиэ кэргэҥҥэ эркин курдук эрэнэр киһибит ийэбит Ольга Васильевналыын иллээхтик 42 сыл бииргэ олорбуттара. 2020 с. “Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин” диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыттара.
Аҕабыт чаҕылхай олоҕу олорон ааста, салайааччы быһыытынан биир бастыҥ буоларын көрдөрбүтэ, успуорт сайдыытыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрбитэ. Биһиги кини ситиһиилэринэн, үлэҕэ бэриниилээҕинэн киэн туттабыт.
Тапталлаах аҕабыт аатын үйэтитэн, Үөһээ Бүлүү техникумун бастыҥ устудьуонугар, төрөөбүт-үөскээбит дойдута Балаҕаннаах нэһилиэгин ыһыаҕар хапсаҕай күрэхтэһиитигэр ыарахан ыйааһыҥҥа кини аатынан анал бириэмийэни олохтообуппут иккис сыла.
Күндү киһибит сырдык мөссүөнэ, эйэҕэс майгыта, истиҥ сыһыана, киһи быһыытынан кэрэмэһэ, чиэстээхтик үлэлээн, сиэрдээхтик олорон ааспыт олоҕо барыбытыгар үтүө холобур буолар. Кини сырдык аата үйэлэргэ өйбүтүгэр-санаабытыгар сөҥөн сылдьыаҕа, аата куруук ааттана туруоҕа.
Кэргэнэ, оҕолоро,
күтүөттэрэ, кийииттэрэ, сиэннэрэ, хос сиэнэ.