Киир

Киир

Күндү киһибит сырдык кэриэһигэр

Олоҕун сыллара: 25.06.1959-21.09.2023

Балтым, эдьиийбит Львова Вера Алексеевна биһиги кэккэбититтэн барбыта балаҕан ыйын 21 күнүгэр 1 сылын туолар.

Вера Алексеевна 1959 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр Бүлүү оройуонун Хаҕын нэһилиэгэр 5 оҕолоох Алексей Спиридонович, Акулина Ивановна Львовтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. 1970 сыллаахха Хаҕын алын кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, 5-8-с кылаастарга Бүлүү оройуонун Мастаах орто оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммитэ. Салгыы Халбаакы нэһилиэгэр орто оскуола аһыллан, Мастаах оскуолатыттан хас да оҕону онно ыыппыттара. Ол оҕолор истэригэр Вера эмиэ баара. Онно интэринээккэ олорон орто оскуоланы 1976 сыллаахха бүтэрбитэ. Дьиэтиттэн ыраах сылдьан үөрэммит буолан, наһаа дьаһаллаах, үлэһит баҕайы этэ. Уһун өрөбүллэргэ кэлэн, дьиэни сууйан-сотон, таҥастарбытын дьаһайан барара. Балаҕаччыга, Халбаакыга үөрэммит сылларын наһаа үчүгэйдик ахтааччы, араас көрүдьүөстээх түгэннэрин кэпсээн дэлби күллэрээччи.

Оскуолатын бүтэрэн, Орджоникидзевскай оройуон Покровскай бөһүөлэгэр атыы­һыт идэтигэр үөрэммитэ уонна 1977 сыллаахха “Бэстээх” сель­поҕа үлэһитинэн киирэн, Улахан Аан диэн дэриэбинэҕэ маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитэ. Ол дойду дьонун-сэргэтин олус сөбүлээбитэ, элбэх доҕордоммута.

Наһаа дойдумсах этэ, ол иһин төрөппүттэрим саа­һыр­дылар диэн, дойдутугар төн­нөн кэлэн, “Мастаах” сопхуоска ньирэй көрөөччүнэн 2 сыл үлэлээн баран, 1983-2003 сыллардаахха “Мастаах” сельпо “Киров” маҕаһыыныгар атыыһытынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, мэлдьи былааннарын толороллоро. Үлэтигэр сүрдээх эппиэтинэстээх, дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах этэ. 2003 сылтан Хаҕын орто оскуолатыгар сопхуоһунан үлэлээбитэ. 2008 сылтан урбаанньытынан регистрацияланан, үлэтин атыы-эргиэн өттүнэн саҕалаабыта. Уопсайынан, 15 сыл устата нэһилиэгин аһынан-таҥаһынан хааччыйан олорбута. Төһө да Бүлүү улууһун уһук дэриэбинэтигэр олордорбут, суол-иис куһаҕан диэбэккэ, хааччах да бириэмэтигэр атыытын кэмигэр аҕалан, дьон наадатын булан биэрэрэ. Бэйэтин курдук атыыһыт кыргыттары кытта дьүөгэлэһэн, табаарын аҕала араас куораттарга барара. Онтон түүннэри массыынанан айаннаан кэлэн, сарсыардаттан атыылаан барара. Хаһан да сылайдым диэччитэ суох. Дьиэтигэр аҕыйах хоноот, табаарын ааҕан-суоттаан баран, төттөрү барара. Сылга биирдэ-иккитэ сынньана араас сиргэ баран кэлээччи, кэлэригэр булгуччу кэһиилээх буолара.

Эдьиийбит нэһилиэнньэ уопсай олоҕор актыыбынайдык кыттара, араас тэрээһиҥҥэ успуонсар буолан, элбэх бириис туруорааччы.

Дьокуускайга кыбартыыра атыылаһан, туох да кыһалҕата суох хонон-өрөөн, сынньанан ааһар буолбуппут. Балтыларыгар, бырааттарыгар, аймахтарыгар куруук көмөлөһөр, сүбэ-ама биэрэр күндүтүк саныыр эдьиийбит этэ. Вера Алексеевна дьону кытта уопсай тылы булара, өрүү көмөлөһөрө, аҕам саастаахтарга болҕомтолоохтук сыһыаннаһара, олус аймаҕымсах, үтүө-мааны киһи этэ.

Вера Алексеевна өр сылларга ситиһиилээх үлэтин иһин нэһилиэк, оройуон хайҕал, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ, 2023 сылга Ил Түмэн бочуоттаах наҕараадатын туппута.

Кини дьоҥҥо үтүө санаата, көмөтө үйэлэргэ үтүө тылынан ахтылла туруоҕа. Тапталлаах күндү балтыбыт, эдьиийбит Вера Алексеевна өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи баар буолуоҕа, өйдүү-саныы, киэн тутта сылдьыахпыт.

Эдьиийэ, быраата, балтылара, чугас аймахтара.

20.09.2024 13:04