Үтүө санаата барыта дьонугар туһуланара
- Олоҕун сыллара: 13.06.1941-01.10.2023
- Подробности
Алтынньы 1 күнүгэр биһиги тапталлаах ытыктыыр эдьиийбит, талааннаах педагог, оҕо уйулҕатын мындыр анаарааччыта, үөрэнээччилэригэр чиҥ билиини иҥэрэр ураты дьоҕурдаах учуутал Никифорова Татьяна Николаевна олохтон туораабыта биир сылын туолла.
Татьяна Николаевна ийэ айылҕабыт силигилии, чэчирии турдаҕына, 1941 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр Ньурба оройуонун Кукаакы нэһилиэгин Алын Кыраһа түбэтин кэрэ көстүүлээх Көтөт Күөлүгэр Николай Никифорович Тоноторов уонна Агафья Ермолаевна Попова дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сиригэр кэлбитэ. Аҕата Мэгэдьэк түбэтин сорсуннаах сонордьуттарыттан, аарыма булчуттарыттан биирдэстэрэ, сэрии идэмэрдээх сылларыгар холкуоһун дьонун хоргуппатах кыракый «Өктөөп» холкуос сатабыллаах салайааччыта этэ. Кини Кукаакы старшината Федот Михайлов (Багыев – Нучакый), Бордоҥ старшината Маалыкай төрүт олохтоохторун биир сис төрүттэрэ Чупто Бастурчанов (Хромой) уонна Мэгэдьэк родовой управлениетын 1850 сс. ыстаарыстатын Павел Гоголев сыдьааннара.
Ийэтин Агафья Ермолаевна аҕата Ермолай Семёнович Попов II Бордоҥ Хатырык аҕатын ууһуттан төрүттээх. Ермолай Семёнович хос эһэтэ Данил Попов 1833–1835 сс. Марха улууһун төрдүс кулубатынан; Данил Попов кыра уола Семён Данилович Попов 1872–1874 сс., Данил Попов сиэнэ, улахан уолун Григорий Данилович Попов улахан уола Николай Григорьевич Попов 1895–1900 сс. Марха улууһун кулубаларынан; Данил Попов кыра сиэнэ Семён Григорьевич Попов 1901–1906 сс., хос сиэнэ Иван Семёнович Попов 1910–1915 сс. улуус кулубатыгар кандидаттарынан; Данил Попов сорох уолаттара, сиэннэрэ хос сиэннэрэ родовойдар ыстаарысталарынан быыбарданан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин архыып докумуоннара сэһэргииллэр.
Норуокка Марха улууһун бүтэһик кулубатынан киэҥник биллибит, кулаактанан эрэйдээх олоҕу эҥээринэн тэлбит Агафья Ермолаевна абаҕата, улууһун дьонун араҥаччылаабыт, төрөөбүт түөлбэтигэр нэһилиэги төрүттээбит өлбөөдүйбэт үтүөлэрдээх Иван Семёнович Попов сырдык аата, улуус суруксутун каллиграфическай буочарынан буолбакка, оскуола оҕотун мөлтөх буочарынан бөчөйүллүбүт биир кыракый лиис кумааҕы архыыпка тиһиллэ сылдьарынан балыллан, ситэри тиллибэккэ сылдьар...
Агафья Ермолаевна аҕатынан эбэтэ Сунтаарга Введенскэй таҥара дьиэтин туттарбыт, православиены киэҥник тарҕаппыт, Архангельскай губерния Вологодскай уеһын Великэй Устюгуттан кэлэн олохсуйбут протоиерей Василий Егорович Попов хос-хос сиэнэ Надежда Михайловна Попова.
Агафья Ермолаевна ийэтинэн төгүрүччү Сүлэ. Ийэтин Евдокия Филиппова аҕата Марха улууһун 1838–1839 сс. кулубатынан, Сүлэҕэ ыстаарыстанан үлэлээбит Федот Степановынан суруллар Федот Степанович Курсяневтан силис тардар. Евдокия Филиппова ийэтэ Ньурбаҕа саҥа Николаевскай таҥара дьиэтин туттарбыт, элбэх үбү сиэртибэлээбит, Сүлэҕэ уһуннук ыстаарысталаабыт Федот Алексеевич Степанов сиэнэ буолар. Федот Алексеевич Алексей Степанович Ситигин (Ордьоҥхо Өлөксөй) улахан уола. Ситигиннэр аймахтаан туран элбэх тулаайах оҕолору иитэн киһи-хара оҥорбут, сорохторун үөрэттэрбит улахан үтүөлэрэ төттөрүтүн бу оҕолору хамначчыт оҥостубуттарын курдук тиэрэ иэҕэн сырдатыллар...
Эдьиийбит, хара төрүөҕүттэн оскуолаҕа киириэр диэри иринньэҕирэн, арыычча киһи буолбута. Дэлэҕэ ийэбит эбэтэ, күп-күөҕүнэн сыдьаайа көрбүт Надежда Михайловна, дьиэтин-уотун быраҕан туран, Көтөт Күөлүнэн, Тарыҥ Үрэҕинэн олорсон, кыһыл оҕолуу бүөбэйдэһэн Таанньаны атаҕар туруорсуо дуо?!
Таанньа 1950 сыл күһүнүгэр Кукаакы начаалынай оскуолатыгар интернакка олорон үөрэнэн үһүс кылааһы бүтэрбит сылыгар оскуолата сабыллан, Маалыкай оскуолатыгар үөрэҕин салҕаабыта. Бэһис кылааһы бүтэрбит сайыныгар ыалы иилээн-саҕалаан олорбут ийэбит барахсан устар кыһыны быһа Ньурба балыыһатыгар эмтэнэн өрүһүммэтэх ыар тыыннаах кутурҕаннаах сураҕа иһиллибитэ. Огдообо хаалбыт аҕабыт көрүүтүгэр түөрт кыра оҕотуттан ураты киһи илиитигэр киирбит ийэтэ Огдооччуйа уонна аҕатын балта Өлөөнө бааллара. Иэдээннээх ыарахан олох саҕаламмытын этэ да барыллыбат. Хата, баччаҕа кэлиэх быабытыгар, эбэм быраата, дьиҥнээҕинэн Гоголев Николай Андреевич диэн суруллуохтаах таайбыт Калгаа уонна эдьиийбит Таанньа баар буолан, ыал аатын сүгэн олорбуппут. Аҕабыт котоку кыһын ыраах тыаҕа, сайын үксүгэр хонуу үлэтигэр, окко буолан, дьиэтигэр хонор хоноһо курдук көстөн ааһааччы.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Эдьиийбит 1961 сылга ситии-хотуу ачыстаатын ылан, үс сыл Степан Васильев аатынан холкуоска, Айда учаастагар, субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. 1964 сыл сайыныгар университет биолого-географическай факультетыгар киирии экзаменнары туттаран устудьуон буолбута. Үөрэҕин 1969 сылга бүтэрэн, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр биир сыл үлэлээбитэ. 1970 сылга дьонугар чугаһаан, Дьаархан оскуолатыгар учууталынан ананан кэлэн, аҕыс сыл тиргиччи үлэлээбитэ. Дьаархаҥҥа үлэлиир сылларыгар учуутал быһыытынан дьиҥнээхтик ситэн-хотон, дьиппиэ үлэтинэн, сиэрдээх майгытынан үлэлиир кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэрин билиниитин ылбыта. Кыһамньылаах үлэтин сыаналаан, районо маҥнай саабыһынан, онтон дириэктэринэн анаабыта.
1978 сылга кэргэннэнэн, Дьокуускайга көспүтэ. Манна маҥнай тыла суох оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи интернат-оскуолаларыгар үлэлээн баран, кэнники биэнсийэҕэ тахсыар диэри 35-с №-дээх оскуолаҕа үлэлээбитэ.
Сааһыран баран, ыал буолбут сиэринэн кэргэнэ, хайа инженерэ Анатолий Лукич Титовтуун биир уол оҕону иитэн, төлөөн үөрэттэрэн үрдүк үөрэхтээх үлэһит оҥорбуттара. Онтон Татьяна Николаевна биэнсийэҕэ тахсан, соҕотох хаалан баран, сиэнэ Таанньаны кыра эрдэҕиттэн иитэн-такайан, медколледжка төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэттэрэн үлэһит оҥорбута. Сиэнин чугастааҕы олоҕун хааччыйан, эбэ ытык иэһин томточчу толорон, олоҕун түмүктээбитэ.
Татьяна Николаевна чиэһинэй, сыралаах үлэтэ үлэлээбит оскуолаларыгар үрдүктүк сыаналанара. Үлэлиирин устатыгар ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан, Дьокуускай горонотун, УОМ грамоталарынан, оскуолалар администрацияларын, профсоюз тэрилтэлэрин кырааматаларынан, хайҕал суруктарынан элбэхтик бэлиэтэммитэ. «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Эдьиийбит барахсан биир күндү наҕараадатынан үөрэппит оҕолорун дьиҥнээх махталларын ааҕара. Дьаархаҥҥа үөрэппит оҕолорун истиҥ сыһыаннарыттан, ситиһиилэриттэн дьолломмут, үөрбүт сирэйин көрбүккүт буоллар. Интернат-оскуолаҕа үөрэппит оҕолоро сорохторо үөрүүлэриттэн ытаан ыла-ыла кууһан туран, уулуссаҕа көрсөн бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэрин, киһи быһыытынан кэрэлэрин кэрэ кэпсэл оҥосторо. 35-с оскуолаҕа үөрэппит азербайджанец аҕалаах, украинка ийэлээх Наргиз диэн үөрэнээччитэ эдьиийбит бүтэһик күннэригэр диэри кинилиин сибээһин быспатаҕа, туох баар үөрүүтүн-хомолтотун үллэстэ турбута, чугастык кэпсэтээри, дьиэтигэр мэлдьи ыҥыран сырытыннара сатыыра.
Ийэбитин солбуйбут тапталлаах эдьиийбит сырдык мөссүөнэ, үтүө санаата биһиги аймахпыт тыыннааҕын тухары өлбөөдүйүө суоҕа.