Кэргэним барахсан…
- Олоҕун сыллара: 01.02.1943 - 26.09.2024
- Подробности
Мин тапталлаах кэргэним, 1943 с. төрүөх Дмитриев Владимир Иевич күн сириттэн барбыта 4 сыл буолла. 57 сыл бииргэ олордубут, 4 оҕону төрөтөн, бары үөрэхтээх, араас үлэһит буоланнар, сорохтор номнуо биэнсийэҕэ таҕыстылар.
Владимир Иевич, 1968 с. СГУ физмат факультетын кэтэхтэн бүтэрэн, Үөһээ Бүлүү Өргүөтүн оскуолатыгар физика, математика учууталынан үлэлээбитэ. Ол иннигэр, оскуолатын бүтэрээт, «Школа - производство - ВУЗ» диэн тосхолунан 2 сыл Үөһээ Бүлүү киэһээҥҥи оскуолатыгар 9-10 кылаастарга физика, математика учууталлаан үлэтин саҕалаабыта. 1973 с. Райкомол 1 сэкирэтээринэн талыллыбыта. Михаил Ефимович Николаевы кытта бииргэ үлэлиир дьолломута. Ол сылларга М.Е. Николаев Райком 1 сэкирэтээрэ этэ.
1975 сылтан Үөһээ Бүлүү Райкомун пропаганда отделын сэбиэдиссэйинэн хас да сыл үлэлээбитэ. Ханна хас сыллаахха диэн кыайан этэр кыах суох, умнуталаан кэбиспиппин. «Үөдүгэй» совхозка парткомунан, 2 №-дээх оскуолаҕа саабыһынан, Хоро оскуолатыгар дириэктэринэн, РайОНОҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлэтэлээбитэ. Онтон тиһэҕэр Исидор Барахов аатынан 1 №-дээх оскуолаҕа саабыһынан, математика учууталынан өр сылларга үлэлээн, Үөһээ Бүлүүгэ үлэтин түмүктээбитэ.
Оҕоҕо өйдөнүмтүө гына кэпсииринэн тэҥнээҕэ суох этэ. «Владимир Иевичка саатар үс сыл үөрэммитим буоллар улуу математик буолуом этэ», – диэн турардаах биир үөрэнээччитэ. Төһөлөөх элбэх оҕону үөрэппитэ буолуой? Ким, туох ааҕан ситиэй? 57 сыл стажтаах, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР бочуоттаах учуутала. Ону элбэх грамоталар, ол иһигэр икки ЦК ВЛКСМ грамотата туоһулууллар.
1973 сылтан 1988 сылга диэри сайын аайы ыһыахтары тэрийэр этэ. Кыайыы 40 сылыгар анаммыт ыһыахха бэтэрээннэри барыларын мунньан, ким тайаҕын быраҕан, ким сэбэрэтин көннөрүнэн параадтаан ааспыттарын көрбүт барыта сөхпүт буолуохтаах. Үгүстэрэ бүтэһигин параадтаабыттара быһыылааҕа. Бэтэрээннэр хойукка диэри махтаналлара. Кыайыы 30, 40 сылларыгар анаммыт ыһыахтар Үөһээ Бүлүү дьонун өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык хатаммыт буолуохтаахтар. Первэй Маайдааҕы уонна Өктөөп бырааһынньыктааҕы демонстрациялары үчүгэйдик да ыытара. Кини тыла-өһө баайы, куолаһа үчүгэйэ доргуччута бар дьону үөрдэрэ, көҕүлүүрэ.
Бары күрэхтэһиилэри, ордук тустууну ыытарын дьон сөбүлүүрэ. Хас спортсмен хаһан, ханна кими кыайбытын, кыайтарбытын барытын билэрэ киһини эрэ сөхтөрөрө. Оннук талааннаах, дьоҕурдаах этэ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Арай, «Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо» ааты ылбатаҕыттан хомойобун.
Мин дойдубун ахтарым-саныырым ханна барыай? Доруобуйа өттүнэн мөлтөх буолан, барбакка олоробун. Сүрэх ыарыыта хаһан-ханна хам тутан кэбиһэрин кэтэһэн олорор курдукпун... Билигин кэлэн санаатахха, Өргүөккэ бары аймахтыылар, халыҥ аймах буолан тутуһан, өйөһөн олорбуттар эбит. Арай Володя эрэ биһикки икки сэрии тулаайахтара туох да аймаҕа-уруута суох этибит чугаһынан. Оҕо сылдьан ийэбиттэн ураты кимэ да суох курдук этим. Ол иһин да буолуо.
Муоҕаҥҥа мэлииһэҕэ оҕус үүрэр оҕо көстүбэккэ, миигин, нулевой кылааһы бүтэрбит киһини, үс сайыны быһа оҕус үүрээччинэн ийэм ыытара. Ыһыах кэнниттэн үөрэх саҕаланыар диэри сылдьарым. Сайын устата биир буукубаны, кинигэни көрбөккө, биирдэ да өрөөбөккө икки оҕуһу кытта өрө тустан тахсарым. Онтубар «күн» аахпыттара дуу, суоҕа дуу? Ийэм эрэйдээх, сэрии огдообото, «айах тарҕата» диэн ыытар эбит. Кыайан ииппэккэ, «Бурдук таттара сылдьан лэппиэскэни баҕас сиэтиэхтэрэ» диэн санааттан. Дьиэбэр сайылыырым буоллар, хоргуйан да өлбүт буолуом эбитэ буолуо. Үөрэх дьылын устата дэлби ыран хаалар этим. Дэлэҕэ, дириэктэрим Семенов Николай Яковлевич интэринээккэ сиэтэн таһааран аһатыа дуо?
Оччолорго Өргүөккэ интэринээт баар буолан абыраабыта миэхэ. Олохтоох буоламмын, ылбаттар этэ. Николай Яковлевиһы райкомҥа ылан баартара. Биир сыл райкомҥа үлэлээтэ быһылааҕа. Онтон кэргэнинээн Лидия Ивановналыын Москубаҕа көһөн барбыта. Кэлин учуутал буолан баран, Москваҕа тиийэн күүлэйдээн, өссө төгүл махтанан кэлбиппит кэргэмминээн. Интэринээккэ уһун переменаҕа учууталларым Марина Устиновна, Мария Касьяновна таһааран аһатар буолбуттара, суос-соҕотох миигин эрэ. Оскуола үрдүнэн мин эрэ ыран охтоору, аччыктаан бөҕө муҥнана сылдьарым тута көстөрө буолуо буоллаҕа. Хор, оннук кур аччык сылдьарбын курдаттыы көрбүт дириэктэрбэр, учууталларбар махталым муҥура суох. Үтүөкэн да дьон эбиттэр.
Кэлин 2000 сыллар саҕаланыыларыгар оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр чугаһаан, Мииринэйгэ көһөн кэлбиппит. Манна да кэлэн кэргэним мээнэ олорботоҕо. «Эврика - развитие» диэн оскуолаҕа математика учууталынан үлэтин салҕаабыта. Онтон 2012 сылтан «Алроса-охрана» диэн тэрилтэҕэ охраннигынан киирэн, эмиэ өлүөр диэри үлэлээн, наар хайҕабылга эрэ сылдьыбыта. Үлэлиир объегар хас да сыл туһата суох алдьанан турбут тэлэбиисэри үлэлэтэн дьону сөхтөрбүт этэ. Дьэ, үйэтигэр аан бастаан элбэх өрөбүллээх үлэҕэ киирэн, бастаан билэр дьонун оҕолоругар математикаҕа репетитордаан барбыта. Кэлин Мииринэй курдук кыра куоракка, сахалар истэригэр түргэнник сурах тарҕаммыта. Дьэ, эмиэ бокуойа суох, былдьаһыкка сылдьар буолбута. Биир «оҕотун» тохсуһунан бүттүн, онуска ылбаппыт диэбиттэрин, икки ый дьарыктаан тохсуһу бэркэ бүтэрэн онуска киллэртэрбитэ. Дьэ, уонна ол оҕону кытта 10-11 кылааһы быһа дьарыктаммыта. Уола ЕГЭ-тын бэркэ туттаран Авиационнай институкка киирбитэ.
Аны бокуойданна даҕаны, бары сиэннэрин дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан, омук эрэ тылыттан ураты бары бирэдимиэккэ дьарыктаан, оскуолаларын ситиһиилээхтик бүтэртэрэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэллэригэр улахан төһүү буолбут буолуохтаах. Олор бары үөрэхтэнэн, билигин үлэһит дьон. Оннук үөрэҕи ылынар талааннаах, барыны бары билэринэн дьону сөхтөрөрө. Үөһээ Бүлүүгэ ону билэр киһи аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Дьэ, арай кыра сиэнин Мишатын эрэ бүтэртэрбэтэ. «Мишуткам жених буолан турарыгар тиийбит киһи» - диирэ да тиийээхтээбэтэҕэ. Уола, быйыл эрэ саҥа оскуоланы бүтэрэн, Новосибирскайга – устудьуон.
Сүүрбэттэн тахса сыл олорон, иккиэн сөбүлээн дойду оҥостубут Мииринэйбитигэр эмиэ көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Сып-сылаас, чаҕылхай күннээх күһүҥҥү кэм ортолоон эрэр. Ол эрэн... миигин кини үөрпэт. Биир маннык күн, түөрт сыллааҕыта мин соҕотох тапталбын, 57 сыл бииргэ олорбут кэргэммин, Володябын төнүннэрбэттии илдьэ барта. Хомолтолоох да эбит… «Оо, баара буоллар даа, хайдах курдук хаамсыа этибитий даа, бачча үчүгэй күҥҥэ...» диэн санаалар өссө күүһүрэн кэлэн сүрэхпин ыга баттыыллар.
2020 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр мин кэргэним суох буолбута. Быдан дьылларга бырастыы, доҕоруом.
Кэргэнэ Вера Афанасьевна Дмитриева.