Киир

Киир

Цицинателла Александровна Колосова (Феофанова)

Олоҕун сыллара: 04.04.1941-23.06.2020

 

Бу сыл бэс ыйын 23 күнүгэр ахтар-саныыр, ыраас-мааны кэргэним, күн күбэй ийэбит, эбэбит, эдьиийим

Цицинателла Александровна Колосова (Феофанова)

Амма оройуонун Бөтүҥ нэһилиэгэр 04.04.1941с. төрүөх, Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, күн сириттэн барда.

Эдэр эрдэҕиттэн үөрэх, хомсомуол, успуорт, уопсастыбаннай үлэ туйгуна, өр сылларга бибилэтиэкэҕэ, таҥас тигии, эт-үүт кэмбинээттэригэр үлэлээбитэ. Хайҕал-махтал суруктар бэриллибиттэрэ, олоҕун тухары оҕолоругар чугас дьонугар сыратын биэрбитэ.

Бииргэ үөрэммит уонна үлэлэспит дьонугар, дьүөгэлэригэр, аймах-билэ дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит.

Кэргэним, ийэбит, эбэбит, эдьиийим барахсан, эн кэриэскин өйдүүбүт, тутуһуохпут, сырдык ыраас өйдөбүл өрүү баар буолуо.

Кэргэнэ Михаил Николаевич Колосов, оҕолоро Михаил, Жанна, Василий, кийиитэ Сардаана, сиэнэ Михаил, сиэн кийиитэ Ирина, сиэннэрэ Василий, Татьяна, Павлик, балта Ксения.

03.07.2020 11:16