Киһи кэрэмэһэ, саха саарына Бүөккэ Саабыс сырдык мөссүөнэ умнуллуо суоҕа
- Олоҕун сыллара: 25.07.57 - 20.05.22
- Подробности
Алексеев Петр Саввич Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулу нэһилиэгэр 1957 сыллаахха от ыйын 25 күнүгэр төрөөбүтэ. 1976 сыллаахха Хоро орто оскуолатын бүтэрэн баран, ол сыл Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ытык иэһин толорон сулууспалыы барбыта.
Ол кэмҥэ мин Приморскай кыраай Верхнеудинскай полкатын 1 батальонун иккис пехотнай ротатыгар рядовой солдат быһыытынан сулууспалыы сылдьар этим. Петя, күһүн Аармыйаҕа ыҥырыллыбытын быһыытынан, биһигиттэн сыл аҥаара хойутаан кэлбитэ. Биһигини кытта бииргэ ыҥырыллыбыт, кини биир дойдулаахтара, Боотулу нэһилиэгиттэн Баһылай Тиитэп, Александр Буртахов, Николай Яковлев, Маҥаас нэһилиэгиттэн Владимир Томскай, Үөһээ Бүлүүттэн Егор Петров, Хомустаах нэһилиэгиттэн Дмитрий Прокопьев уонна Нам нэһилиэгиттэн сылдьар 26 сааһын ааһан баран аармыйаҕа ыҥырыллыбыт убайбыт Николай Павлов - Чапаай Куола бааллар этэ.
Биһиги чааспыт Филино диэн бөҕөргөтүллүбүт оройуоҥҥа Кытай кыраныыссатыгар турбута. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги полкабытыттан урут Даманскайга, Кытай Сэбиэскэй кыраныыссаны кэспитигэр, элбэх киһи сэриигэ кыттыбыт этэ, ол иһигэр иккис батальоҥҥа сулууспалаабыт, кыргыһыы хонуутугар охтубут Николай Орехов Сэбиэскэй Сойуус геройун үрдүк аатын ылбыт этэ. Казарма иһигэр кини утуйбут ороно баар этэ, строй буоллаҕына бастакынан герой Николай Орехов аатын ааттыыллара. Полка иһигэр сэриигэ хорсуннук кыргыһан сырдык тыыннарын толук уурбут буойуттар сквердара баара.
Биһиги Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар уолаттар чугастык билсэр, алтыһар, наада буоллаҕына хардарыта өйөһөр, көмөлөсүһэр этибит. Холобур, Коля Яковлевтыын биһиги биир казармаҕа олорбуппут, онно иккис, үһүс роталар бааллара, Коля үһүс ротаҕа сулууспалаабыта. Иккис, үһүс рота старшиналарынан узбек уолаттара, биһиэнигэр Юльдашев, үһүс ротаҕа Юсупов диэн сүрдээх сытыы, кыанар уолаттар хамаандалыыллар этэ. Иккис, үһүс роталарга сахалар, элбэҕэ суох этибит да буоллар, бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, үчүгэйдик сулууспалаабыппыт.
Биир сыл сулууспалаабыппыт кэннэ биһиги полкабытыгар продовольственнай чаас начальнигынан старшай лейтенант Николай Уваровскай ананан кэлбитэ. Кинини кытта билсиибит бэрт дьиктитик буолбута. Ол курдук, 1500 киһини аһатар полка остолобуойугар тиийбиппит биир саха курдук сирэйдээх старшай лейтенант баар буолбут этэ. Ол эрээри биһиги сахалыы саҥарарбытын истэн баран биһиэхэ чугаһаабатаҕа. Ол кэмҥэ армейскай повардарынан узбек уолаттара үлэлии сылдьаллар этэ. Старшай лейтенант тугу эрэ соруйарын истибэттэр этэ, өссө уолуктаһан турбуттара. Биһиги, арааһа, бурят быһылаах дии санаабыппыт, биһиэхэ наадыйбатын көрөммүт.
Эбиэт кэннэ офицердар городоктарыгар маҕаһыыҥҥа барбытым, уочарат бөҕө буолбут этэ, уочарат быыһыгар биир кыра уҥуохтаах сахалыы сирэйдээх оҕо көтөхпүт эдэр чүөчэ турар этэ. Кини миэхэ кэлэн сахаҕын дуо диэн ыйыппыта, оннук диэн эппиэттээбитим, оҕобун баһаалыста көтөҕөҕүн дуо диэн көрдөспүтэ. Маҕаһыынтан бородуукта ылан баран, баран иһэн хантан сылдьаҕын диэн ыйыппытыгар, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕыттан диэн эппиэттээбитим уонна кини дьиэтигэр таһаҕаһын тутуһан кэлэммин, чэйдии олордохпутуна били бурят дии саныыр старшай лейтенаммыт киирэн кэлбитэ. Онтукам саха, Уус Алдантан төрүттээх Николай Уваровскай диэн киһи эбит. Дьиэ хаһаайката эмиэ Үөһээ Бүлүү Далырыттан сылдьар Титов Николай Михайлович диэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, элбэх уордьаннаах, Сэрии, Тыыл бэтэрээнин кыыһа эбит. Биһиги олорон кэпсэппиппит. Кини полка продовольственнай чааһын начальнигынан саҥа ананан кэллим, армейскай остолобуой начальнига прапорщик ыарытыйар, онон кини солбуйааччытынан үлэлии кэлиэҥ дуо диэн ыҥыран, иккис ротаттан полка хаһаайыстыбаннай чааһыгар көһөрөн, миигин полка остолобуойугар үлэлэтэ киллэрбитэ.
Ол кэмтэн ыла, сулууспалаан бүтүөхпэр дылы остолобуой начальнигын солбуйааччытынан сулууспалаабытым. Миигин полка остолобуойугар ылбыт төрүөтүнэн аҕыйах ыйга табаарыһым, Ньурбаттан төрүттээх Родион Павловтыын Владивосток куоракка байыаннай повардар оскуолаларыгар үөрэммиппит буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, Родион Павлов остолобуойга поварынан үлэлии сылдьыбыта, сүрдээх сытыы-хотуу, кыахтаах уонна боксер буолан, бэйэтин көмүскэнэр, кимиэхэ даҕаны атаҕастаппат уол этэ. Мин тоҕо бэйэбин билиһиннэрииттэн саҕалаабыппын быһаардахпына, бу армейскай остолобуой сахалар мустар, түмсэр сирдэринэн буолбута. Ордук чуолаан, Үөһээ Бүлүү уолаттара Петя Алексеев, Вася Титов, Коля Павлов, Коля Яковлев, Саша Буртахов, Володя Томскай, Дима Прокопьев уонна да атыттар элбэхтик сылдьаллара. Кэлин, биирдэ табаарыспар Коля Яковлевка миигиттэн элбэхтик аһаабытыҥ диэн дьээбэлээн эпиппэр, эн илиигиттэн аһаабыт элбэх диэн күлэн кэбиспитэ.
Биир сайын, Хабаровскай физкультурнай институтун байыаннай кафедратын бүтэрэн баран, сборга физкультурниктар, спортсменнар кэлбиттэрэ. Кинилэр истэригэр көҥүл тустууга Россия икки төгүллээх призера, ССРС көҥүл тустууга спордун маастара Ефрем Ефремов, кэлин Саха уонна Российскай Федерация көҥүл тустууга үтүөлээх тренера буолбут Афанасий Лугинов уонна да атыттар бааллара. Кинилэри биһиги, саха уолаттара, сүрдээх үчүгэйдик көрсөммүт, эбии паёк биэрэн, аһылыгынан хааччыйан маанылыыр этибит. Биһиги сыл аҥаара эрдэ дембеллэнэн барарбытыгар Петя, сыл аҥаара биһигиттэн хойутаан кэлбит буолан, сайыһа хаалбыта. Биһиги сулууспалаан бүтэн баран үлэлээн, үөрэххэ киирэн бүтэрэн, норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар үчүгэйдик үлэлээн-хамсаан, сорохторбут пенсияҕа тахсан, сорохтор үлэлии сылдьабыт.
Петя Алексеев, биһиги сөбүлээн ааттыырбытынан Бүөккэ Саабыс, сэбиэскэй аармыйа кэккэтиттэн сулууспалаан бүтэн кэлэн 1978 сыл күһүнүгэр Дьокуускайга авто оскуолаҕа үөрэнэн суоппар идэтин ылан баран, Боотулу сопхуоска суоппарынан киирэр. Мантан ыла, ыраах айанныыр суоппар буолан, Улахан Невер, Золотинка суолларынан үтүө суобастаахтык үлэлээн, элбэх сырыыны оҥорон, Боотулу сопхуос социальнай-экономическэй сайдыытыгар кырата суох кылаатын киллэрэр. 1981 сыллаахха бииргэ үөрэммит кыыһынаан Наташалыын ыал буоланнар, Хоро нэһилиэгэр дьиэ-уот туттан, олохсуйан, үс уол оҕолоноллор. Ити кэмнэргэ сырыылаах, дьаныардаах үлэһит Боотулу сопхуос уонна Үөһээ Бүлүү оройуон чөмпүйүөн суоппара буолар. Ол кэнниттэн Петя Алексеев Үөһээ Бүлүү бытовой кэмбинээтигэр, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа үтүө суобастаахтык үлэлиир. Онтон кэлин урбаанньыт буолан, өрүс уҥуор баар Дьокуускай, Мииринэй федеральнай трассатын уонна Оҥхой, Мэйик, Май, Далыр, Трудовой, Боотулу, Көтөрдөөх суолларын туругун көрөр- истэр, оҥорор, тупсарар, дьоһуннаах туһалаах үлэнэн дьарыктаммыта.
Биһиги, аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыттар, сылын аайы көрсөр идэлээхпит, ол курдук сороҕор кафеҕа, ардыгар айылҕаҕа көрсөр, ирэ-хоро аармыйаҕа сылдьыбыт кэмнэрбитин ахтыһан, оонньоон, күлэн, алтыһар идэлээхпит. Бу маннык көрсүһүүлэргэ Бүөккэ тапталлаах кэргэнэ Наталия куруук сылдьыһан, ыллаан-туойан биһигини сэргэхситэр этэ. Наталия бэйэтэ уруккута учуутал, улуус, республика биллэр ырыаһыта, элбэх ырыа куонкурстарын кыайыылааҕа буолар. Бүөккэ киһи быһыытынан элэккэй, сайаҕас, мааны майгылаах буолан, барыбытыгар сөбүлэтэрэ уонна элбэх доҕордооҕо, атастааҕа, атын дьон кыһалҕатын өйдүүр буолан, дьоҥҥо элбэхтик кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөрө, дойду оҥостубут Хоротун нэһилиэгин сайдыытыгар элбэхтик үлэлэһэрэ, дьон-сэргэ махталын ылыан ылара. Ол курдук, кини түөһүн "Үлэ ударнига", " XXl пятилетка ударнига", "Боотулу сопхуос 84-85 чөмпүйүөн суоппара","Үөһүү Бүлүү оройуон чөмпүйүөн суоппара - 85 сыл" , "Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо", "СӨ суолга-иискэ хаһаайыстыбатын бочуоттаах улэһитэ", "СӨ гражданскай килбиэн" бэлиэлэр киэргэтэллэр.
Күндү доҕорбут, сэбиэскэй аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт табаарыспыт, киһи кэрэмэһэ, саха саарына Бүөккэ Саабыс баара буоллар, от ыйын 25 күнүгэр 65 сааһын туолуо этэ. Кинини кытта бииргэ сулуспалаабыт уолаттар Василий Титов Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччытынан, Егор Петров коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитинэн айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар, оттон Дмитрий Прокопьев, Александр Буртахов бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктаналлар.
Биһиги, кини доҕотторо-атастара, Бүөккэбит соһумардык олохтон туораабытыттан улаханнык хомойон-курутуйан тураммыт, куруук ахта-саныы уонна бииргэ сулууспалаабыт уолбутун кэриэстээн, олоҕун доҕорун Наталияны куруук түмсүүбүтүгэр ыҥыран, бииргэ сулууспалаабыттар бөлөхтөрүгэр киллэрэн, Бүөккэ баарын курдук өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Аҕатын аатын сүгэ сылдьар уола Петр Петрович урбаанньыт буолан, бэс ыйыттан аҕата салайа сылдьыбыт тэрилтэтин илиитигэр ылан, кини үлэтин-хамнаһын салгыы сайыннарар баҕалаах үлэлээн-хамсаан эрэриттэн биһиги, аҕатын доҕотторо, үөрэбит.