Дьиҥэр, иһитиннэрэ­рим олус кылгас: “Кыбартыыра сорох көрү­ҥэр субсидиялаах ипэ­тиэкэни ту­һаныҥ”, – дии­бит. Ону атыы-эргиэн отделыттан чуолкайдаһыҥ.

Moiseenko Yuriy Vladimirovich

Сэтинньиттэн Саха сиригэр номнуо кыстык саҕаланар, онон “Өлүөнэ үрдэллэрэ” олорор дьиэ холбоһугун ититиигэ холбообуттарын туһунан, биир уһугунан, олус судургу уонна күннээҕи сонун курдук эрээри, миигин үөрдүбэт буолуон сатаммат. Хас биирдии ыал истиҥ эйгэлээх иэримэ дьиэтэ, бастатан туран, сылаас буолуохтаах. Ол курдук, дьиэлэргэ ититии бэриллэн, иһинээҕи үлэни быһаччы саҕалыырга улахан кыах үөскээтэ.

Билиҥҥитэ эбийиэктэр түн­нүк­тэрин туруоран бүтэрдибит. Аны тас эркиннэри сылаас матырыйаалынан эргиччи бүрүйүү силигин ситэн эрэр. Ититии ситимэ толору тардыллан, дьиэ иһигэр үлэлииргэ-хамсыырга олус табыгастаах усулуобуйа үөскээтэ. Муостаны уонна эркини тэҥнээһин, уоту-күөһү тардыы – судургу үлэ эрээри, хас да дьиэ холугар, үгүөрү түбүгү эрэйэр. Сибилигин быгыһыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, киһи үөрэрэ элбэх. Холобур, былырыын будулҕан туман быыһыгар уһун күнү быһа кутуйах хаамыытынан дьиэлэр холлоҕосторун эрэ туруоран, бэрийэн эрэйдэммиппит. Оттон билигин дьиэ иһигэр сылааска үлэлиир кыахтанныбыт! Бу – биһиги кыайа тутар үлэбит.

Өссө биир үөрүүлээх сонуммут – сэтинньиттэн дьиэлэр тас өттүлэрин SIBALUX диэн күлүмүрдэс алюминий тимирдээх бүрүөһүнүнэн киэргэтэн барыахпыт. Кырдьыгынан эттэххэ, ити кэннэ дьиэлэр аҥаардас ойууга-чертежка эрэ буолбакка, дьиҥ олоххо хайдах көстүүлэнэллэрин көрүөхпүн кимнээҕэр да ордук күүтэ сылдьабын. Үлэ түмүгэ хайдах буолан киһи хараҕар көстөрө – хайа да тутааччыны долгутара саарбаҕа суох.

Хомойуох иһин, дьиэлэр тас көстүүлэрин киэргэтии уота ыам ыйыгар эрэ бэлэм буолара сабаҕаланар. Ол оҥоһулуннаҕына, дьэ чахчы, кэрэ көстүү ойууланан тахсыаҕа! Онуоха диэри тутуубут бары хаамыытын үтүө суобаһынан толоруохпут, эбийиэкпит олоххо киирэр күүтүүлээх түгэнэ тирээн кэллэҕинэ, чахчы, улаханнык дуоһуйар-астынар гына үлэлиэхпит.

Билигин барыгытын биһиги дьиэлэрбит сылаас эйгэтин билсэргитигэр ыҥырабыт. Атыы-эргиэн салаатын үлэһиттэрэ эһиэхэ барытын сиһилии быһааран, көрдөрөн, ыйан-кэрдэн биэриэхтэрэ.

Lenskie Vysoty 2

Lenskie Vysoty 3

“Өлүөнэ үрдэлэ” – эрэллээх тутуу, эрэллээх сарсыҥҥы олох!

Юрий Владимирович Моисеенко, “Проспект” хампаанньалар бөлөхтөрүн уонна “Дьокуускай” өрүс пуорда  тутуу тэрилтэтэ” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ.

Бүтэһик сонуннар