Киир

Киир

Хой 
ОВЕН 1
 
Бу нэдиэлэҕэ соһуччу сюрприз бөҕө күүтэр, олор ахсааннара төһө элбэҕэ барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Бэйэҥ дууһаҕын уонна эккин-хааҥҥын эрчий, ону кыайбатаххына –  сайдыыҥ атахтаныа. Ханна эрэ кыраныысса таһыгар сынньана барыы, ыраах командировка дууһаҕын үөрүүнэн толоруо этэ. Дьиҥинэн, бу нэдиэлэҕэ сулустар эйигин дьоллоох оҥоруохтарын олус баҕараллар, кыһалла сатыыллар. 
 
Оҕус
ТЕЛЕЦ
 
Урут былааннаммыккын барытын бу нэдиэлэҕэ олоххо киллэрэ сатаа. Куһаҕан дьаллыктартан босхолон, олор эйигин улахан ороскуокка тэбиэхтэрин сөп. Толоостук быһыыланан доҕотторгун кэлэтиэх курдуккун. Уопсайынан, бу нэдиэлэҕэ туох да ситиһии баара көстүбэт. Онтон санааҕын түһэримэ, ити барыта кэнэҕэски ситиһиигэр бигэ акылаат, тирэх эрэ буолуо. Соҕотоҕун бүгэн хаалыма, дьону кытта алтыс. 
 
Игирэлэр
БЛИЗНЕЦЫ
 
Үлэ-хамнас бөҕө кутулла түһүө. Ону кыайарыҥ-кыайбатыҥ – бэйэҕиттэн тутулуктаах. Мээнэ тыллаһыма – улахан уонна күүстээх өстөөхтөрү булан ылыаххын сөп. Кэллиэгэлэриҥ үтүө санааларыгар тирэҕир. Олунньу 7 күнэ – эйиэхэ олус улахан суолталаах, дьылҕаҕын быһаарар күн. Саамай суолталаах боппуруостары барытын бу күҥҥэ быһаара сатаа. Хамнас үрдүө эрээри, нэдиэлэ бүтүүтэ харчыҥ чарааһыан сөп. Оһолтон сэрэн. 
 
Араак
РАК
 
Улахан суолталаах дьыалаҕа харчы угарга кыһан. Холобур – кыһыл көмүһү. Ол эйиэхэ кэлин элбэх харчыны “тэбэн биэриэ”. Саҥа билсэр дьонуҥ бары харчы “аргыстаах” кэлиэхтэрэ. Ол көстүбүт харчынан урукку-хойукку иэстэргин ыпсар, боппуруостаргын быһаар. Дьиэ кэргэниҥ эйигиттэн улахан болҕомтону эрэйэр. Онон дьарыктан. Аҕа саастаах аймахтаргын кытта тыҥааһын көстөр. Салалтаҥ эйигин сыаналыыр, бириэмийэ да биэриэн сөп. 
 
Хахай
ЛЕВ
 
Настарыанньаҥ халбаҥныы сылдьыа, ол аайы кыыһырбыккын дьиэлээхтэргинэн таһаарыма: кинилэр туох да буруйдара суох. Туох эрэ сыаналаах малы атыылаһан үөрүөххүн сөп. Карьераҕар – үүнүү, харчыгар – эбиллии, тус олоххор дьол күүтэр. Олус дьикти иэйиилээх, өрө көтөҕүллүүлээх, романтикалаах кэм. Кытаатан түһүнэн кэбис... Арай, үлэҕэр кэллиэгэлэриҥ бытархай дьээбэни-хообону оҥоруохтарын сөп, онно – кыһаллыма.
 
Кыыс
ДЕВА
 
Олоҕуҥ толору суолталаныа. Бэйэҥ тус кистэлэҥҥин чугас дьоҥҥор арыйартан куттаныма, ким да ону тарҕата сылдьыа суоҕа. Саҥа улахан кэскиллэр арыллаары тураллар. Сүрэҕиҥ-төбөҥ тугу этэрин эрэ иһит, атын дьон тылын истимэ. Улахан бырайыактарга ылсартан туттун. Холкутуй, уоскуй, бытаар, билигин – сынньанарга саамай табыгастаах кэм.
 
Ыйааһын
ВЕСЫ
 
Араас санаа-оноо бөҕө түмүллүбүтэ уйулҕаҕытын сатарытыан сөп. “Массыынатыҥы хабааннаах” тугу эрэ улахан малы атыылаһарга табыгастаах кэм. Психологка сырыт. Атын дьон харчытын матайдаама, кэлин ону бырыһыаннаан төлүүргэ күһэллиэҥ. Урут кыайтарбакка турбут боппуруостар аа-дьуо сылдьан бэйэлэрэ быһаарыллан хаалыахтара. Ситиһиилэнэр туһугар доҕотторгун кытта хамаанданан үлэлииргэ кыһан.
 
Скорпион
СКОРПИОН
 
Скорпион салалта улахан болҕомтотун тардыаҕа. Кэллиэгэлэриҥ эн кимҥин-туоххун интэриэһиргиэхтэрэ. Бэйэҕин туруктаахтык тутуннаххына, барыта этэҥҥэ буолуо. Үлэҥ уустуктара карьераҥ үрдүүрүгэр көмөлөһүөхтэрэ. Үп-харчы боппуруоһа быһаарыллара бэрт кыра хаалбыт. Күөлтэн, үрэхтэн, ууттан тэйиччи сырыт. Доҕотторгун кытта элбэхтик көрүс. Кэргэҥҥэр баһылыыр-көһүлүүр оруолу туран биэр.
 
Охчут
СТРЕЛЕЦ
 
Туох да боппуруоһу ыксалынан быһаара сатаама, эт өйгүн тута сырыт. Мунньуллубут боппуруостары ыпсарарга табыгастаах нэдиэлэ. Билигин охчут айар-тутар дьоҕурун 100 % толору туһана сылдьар. Бу нэдиэлэҕэ бэрт дьикти, эриэхэбэй сорук үөскээн-төрөөн тахсыаҕа, ону бэйэҥ өйгүн түмэн, доҕотторгун көмөлөһүннэрэн, бэрт сонун ньыманан баһаара сатаа. Соҕотоҕун ону кыайыаҥ суоҕа.
 
Чубуку
КОЗЕРОГ
 
Чубуку бу нэдиэлэҕэ үлэһитинэн рекорду олохтуоҕа, баар кыһалҕаны барытын быһаарыаҕа. Саҥа уустуктартан куттаныма, онтон куттанарга төрүөт суох. Ситиһии субу аттыгар сылдьар. Уоруйахтартан сэрэн. Үөрэнэргэ, саҥа биисинэһи арыйарга бэртээхэй кэм. Туохха да ылсыбытыҥ иһин, кыайыы-хотуу эрэ аргыстаһыа. Бу кэмҥэ дьылҕаҕын уларытар көрсүһүү күүтэр.
 
Күрүлгэн
ВОДОЛЕЙ
 
Дьыаланы барытын түргэнник быһаара сатаа. Оччоҕо салалтаҥ да, кэллиэгэлэриҥ да итэҕэллэрин ылыаҥ. Үлэҥ таһынан өссө эбии хамнастанар ханаалы көрдөө, харчыҥ тиийбэт курдук. Дьиэ кэргэниҥ эйиэхэ эрэлин түһэн биэримэ. Нэдиэлэ бүтүүтэ сыраҥ-хараҥ барыта төлөнөр ситиһиитэ күүтэр. Көмөнү доҕотторгуттан буолбакка, дьиэ кэргэҥҥиттэн көрдөс. Сорох былааннар кыайтарыахтара суоҕа эрээри, ол – үчүгэйгэ.
 
Балыктар
РЫБЫ
 
Олоҕуҥ саамай интэриэһинэй кэмэ. Олоххун барытын төрдүттэн уларытар кыахтааххын. Туохха эрэ саҥаҕа үөрэммитиҥ, кэлэр өттүгэр улаханнык туһалыа. Иэһиҥ-күүһүҥ барыта сотуллуо. “Кылабачыйар эрэ барыта кыһыл көмүс буолбатах” диэн уос номоҕун умнума. Билбэт дьоҥҥун аһара итэҕэйимэ. Дьиэ кэргэҥҥэр быстах кыыһырсыы үөскүө эрээри, бэйэҕин кыатана тутун.

Санааҕын суруй