Саадьаҥкабын таптыыбын.
Ырыа ыллыы ыллыыбын,
Ыыбын сахам ынаҕын,
Ырыам ыраах дьиэрэйэр,
Ымыы чыычаах ыллаһар.
Ырыа ыллыы ыллыыбын,
Сүөгэй, арыы далбарын -
Сахам бастыҥ ынаҕын
Саадьаҥкабын таптыыбын.
Ырыа ыллыы ыллыыбын,
Куччугуйкаан бэйэтин,
Кылгас, сытыы муосчаанын
Көрөн, сэмээр сэргиибин.
Ырыа ыллыы ыллыыбын,
Хонуу ото амтаннаах,
Хочо сирбит сыттардаах
Хойуу үүтүн хайгыыбын.
Ырыа ыллыы ыллыыбын
Эмтээх үүтүн иһэммин,
Эппэр-хааммар иҥэрэн,
Эдэр, чэгиэн сылдьабын.
Ырыа ыллыы ыллыыгыт,
Сахам сайдам ыччата,
Саха ынаҕын ииттэҥҥит
Сайдар суолу тутуһуҥ.
Ньурба улууһа, Чуукаар.
Сэҥээриилэр
Наһаа үчүгэй хоһоон дии, отой харахпар ойууланан көстөр
Күүгэннирэ дьырылаан-дьурулаан бэйэтэ музыка буолара.Санаабар үүт сыта кэллэ
+1
+1