Киир

Киир

Ирина Николаевна Потапова 93 саастаах

Ирина Николаевна Потапова 93 саастаах
Ирина Николаевна Потапова 93 саастаах
Ирина Николаевна Потапова 93 саастаах
  • Улус: 1
  • 1929 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр Бүлүүчээн нэһилиэгэр Мэйик бөһүөлэгэр төрөөбүтэ.

    1960 сыллаахтан Күндэйэ нэһилиэгэр оҕо иитиитин тэрилтэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

    1962 сыллаахха Сунтаар сэлиэнньэтигэр «Сельхозтехника» сиригэр оҕо тэрилтэтин тутарга этии киллэрбитэ уонна Сунтаар райисполкомун өйөбүлүн ылбыта. Онно тута оҕо тэрилтэтин туттарбытынан барбыта уонна сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Ити курдук Ирина Николаевна көмөтүнэн Сунтаарга бастакы уунан ититиллэр, оҕо таһырдьа оонньууругар бары усулуобуйалаах тэрилтэ баар буолбута.

    1964 сыллаахха Бүлүүчээн нэһилиэгэр оҕо тэрилтэтин сэбиэдиссэйинэн анаммыта, онно Иирэлээх хайаны байытар кэмбинээтин кытта шефтэһэн эмиэ уунан ититиллэр оҕо тэрилтэтин туттарбыта.

    1966 сыллаахха Бордоҥ сэлиэнньэтигэр кыра саастаах оҕолорго сэбиэдиссэйинэн анаммыта, онно эмиэ саҥа атын көрүүлээх оҕо тэрилтэтин туттаран таһаарбыта.

    1971 сылтан биэнсийэҕэ тахсыар диэри Сунтаар сэлиэнньэтигэр 4 №-дээх оҕо тэрилтэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бу улуус араас сэлиэнньэлэригэр таһаарыылаах үлэтин түмүгүнэн элбэхтик өрөспүүбүлүкэ уонна улуус бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмыта.

    Үс оҕолоох. Улахан кыыһа Светлана Дмитриевна РФ эргиэнин туйгуна, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх, билигин биэнсийэҕэ олорор. Пантелеймон Дмитриевич Сунтаар улууһугар « Жилкомсервис» кылаабынай инженерэ, 4 оҕолоох, элбэх сиэннээх. Кыра кыыһа Эльвира Дмитриевна үрдүк квалификациялаах оҕо кардиолог-бырааһа, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна. 1 кыыстаах, Канадаҕа олорор, үлэлиир.

    Ирина Николаевна – Сунтаар улууһун педагогическай үлэ ветерана, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Коммунистическай үлэ үс төгүллээх ударнига.


Санааҕын суруй