Бэс ыйын 19 күнүгэр, сарсыардааҥҥы туругунан Саха сиригэр уопсайа 4 282,5 га иэннээх сэттэ ойуур баһаарын умулларар үлэ салҕанар. Бу туһунан СӨ ойуур сыһыаннаһыыларын департамена иһитиннэрэр.
Бэс ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 4 738 га иэннээх алта ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.
Мииринэй оройуонугар 850,5 га иэннээх икки ойуур баһаара, Ньурба оройуонугар 170 га иэннээх икки ойуур баһаара, Өлүөхүмэ оройуонугар 4 га иэннээх ойуур баһаара бэлиэтэнэр.
Бүлүү оройуонугар 8 га иэннээх ойуур баһаарын, Таатта оройуонугар 3 250 га иэннээх ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр.
Ааспыт сууккаҕа 606 га иэннээх икки ойуур баһаарын, ол иһигэр Горнай оройуонугар 16 га иэннээх ойуур баһаарын, Ленскэй оройуонугар 590 га иэннээх баһаары умуллардылар.